Page 218 - Кун кууьар хайатыттан
P. 218
Нази, көмөлөс эрэ миэхэ!
Эбисийээнэбин балаакка таһыгар ууран баран,
Искандер ыҥырбытыгар бардым. Оҥочо кэллэ.
Искандер тобугун тутган турара, илиитэ хаан буолбут... Кини миигин
санныбыттан кууста, иккиэн балааккабыт диэки бардыбыт.
Искандер. Саҥа сир буллум. Оҥочобуттан ыстанан ту-
һээри, атахпын дьаакырга хайа тартым. Халымыр соҕус эрээ-
ри, хаан бөҕө кэллэ!
Мин кинини олордон баран, бааһырбыт сирин дьуотунан сотой, биин-
тэнэн эрийдим.
Олус ыга гына биинтэлээтиҥ!
Мин баайыыбын холкутаттым.
Аны бааһым суһүрэн хаалаарай?
Мин. Буолуон да син.
Искандер. Туох-туох диигин?
Мин. Кир киирдэҕинэ, онтон сүһүрэн өлөн хаалыаҥ.
Искандер (куттаммыттыы). Ону маны куһаҕаны са-
ҥараҥнын...
М и н. Эн өлүөҥ этэ дуо?
Искандер (сүүспүн тутан көрөн баран). Температурата
суохха дылыгын.
М и н. Эт эрэ миэхэ: эн дьон туһугар өлүөҥ этэ дуо?
Искандер. Ол эмиэ ханнык дьон туһугар?
Мин. Оттон арай эйиэхэ били ким тиийэн кэллин...
Искандер. Ким? Ким ол миэхэ тиийэн кэлэрий?
Мин. Чэ, Таҥара да буоллун. Арай Таҥара эйиэхэ кэлэн:
«Искандер, өлөн хаал, эн өлбөтөххүнэ, тыһыынчанан атын
киһи өлүөҕэ», — диэтин. Өлүөҥ этэ дуу?
Искандер. Ол эмиэ тоҕо?
Мин. Өлүөҥ суох этэ дуо?
Искандер. Суох буоллаҕа дии.
М и н. Ол кэриэтин тыһыынча киһи оллун диигин дуо?
Искандер. Өллүннэр ээ, миэхэ тугум кыһалҕатай?
Мин. Оттон арай эн дьон туһугар өлөргө бэлэм киһини
көрдөххүнэ, туох дии саныаҥ этэй?
Искандер. Ол аата, кини акаары эбэтэр иирээки буол-
ла§а дии. Аатыра сатаан.
216

