Page 233 - Кун кууьар хайатыттан
P. 233

дьай үйэ тухары баара, отгон ону киһи корон туран утары-
        ласпат буоллаҕына, кини ол хара дьайдааҕар сүүс төгүл кут-
        таллаах буолар. Мин эйигин хаһан да уураабатахпыттан, эйи-
        гинниин балааккаҕа олорботохпуттан, түүҥҥү куорат устун
        дьаарбайбатахпыттан олус хараастабын. Ол да буоллар... Эн
        биһикки көрүстүбүт дии, бэйэ-бэйэбитин билистибит. Бу су-
        руктан эн долгуйуоҥ, уйадыйыаҥ. Бырастыы гын. Мин эйиэ-
        хэ үтүөмсүйэн киһиргиэхпин баҕарбаппын. Мин хайа сах
        олон эрэбин. Быраһаай, Нази! Мин эйигин таптыыбын!»

            Ыраах бөртөлүөт мотуорун тыаһа иһиллэн, улам улааттар-улаатан
                                чугаһаан иһэр.
           Мин. Кинини хаһан илдьэ барыахтаахтарый?
           К ы ы с. Билигин.
           Мин. Хайдаҕый?
           К ы ы с. Өйүн сүтэрэн сытар.
          Искандер биһиги диэки хайыһан да көрбөккө, дьэбин уоһуйан олорон
                               илиитин суунар.
           М и н. Эн сааһыҥ хаһый, кыысчаан?
           К ы ы с. Уон сэттэм. Онно туох баарый?
           Мин. Таптыыр уоллааххын дуо?
           Кыыс. Суох.
           М и н. Эр киһилиин сылдьыбытыҥ дуо?
           К ы ы с. Суох...
           Мин. Кырдьык дуо?
           Кыыс. Уой, ити аата туох диэн ыйыттаххыный! (Өһүр-
        гэммиттии киэр хайыһар.)
                          Мин суругу киниэхэ уунабын.
           Мин. Мэ, бу суругу бэйэҕэр ыл.
           Кыыс. Togo?
           Мин. Киһи барыта сидьиҥ эбит дии санаатаххына ылан
        ааҕаар.
           К ы ы с. Ама оннук буолар үһү дуо?
           Мин. Буолааччы.
                Бөртөлүөт тыаһа улам-улам улаатан халлааны сатарытар,
                       сотору үрдүбүтүнэн ньирилээн ааһар.
           Азиз!
                                                                 231
   228   229   230   231   232   233   234   235   236   237   238