Page 234 - Кун кууьар хайатыттан
P. 234
Мин бөртелүөтү батыһа сүүрэн иһэн, туохтан эрэ иҥнэн охтон түстүм.
Бөртөлүөт тыаһа ырааттар-ыраатан кыччаан сүтэн хаалла.
Уу чуумпу буолуор диэри сирэйбинэн кумахха умса түһэн сытгым.
Ардах таммалыыр тыаһа эрэ иһиллэр.
Өндөс гыммытым — Искандер кыыһы кытга миигин көрөн
тураллар эбит.
Иск а н д е р (ыарахан ыарыһахтыын кэпсэтэр курдук хол-
кутук уонна оргууй аҕай). Хайа, бүттүҥ дуо?
М и н. Бүттүм.
Мин сиртэн туран массыынаҕа тиийэн чымадааммын уонна Бурбону
ороон таһаардым.
Искандер. Ардаан эрэр.
Туту да хардарбакка киэр хаамабын. Кини миигин ситэн ылла.
Ханна бардыҥ, иирээки?
М и н. Билбэппин...
Мин биир илиибэр чымадааммын, атыммар эбисийээнэбин туппутунан
кытыл устун баран истим. Тыал сирэйбэр утары үрэрэ, ардах түһэн ку-
рулатара, атахпар долгун кэлэн охсуллара. Кулгаахпар күүстээх бадайы
муусука оонньуура иһиллэрэ — баҕар, Рахманинов буолуо...
Б ы ы с.
Акулина Васильева тылбааһа

