Page 35 - Кун кууьар хайатыттан
P. 35
Оччоҕо быйаҥнаах балысхан өрүскэ
Оччугуй үрэхтии чычааран ыларым,
Кумааҕы лииһинии хайыта тардылла
Кыйдана ыһыллар санаалыы сүтэрим.
Атаҕын бутуйар айанньыт кэриэтэ,
Будулҕан айаҥҥа булкуллан ыларым,
Кылыһах кылларым быһыта тардылла
Иһийэ сүтэрэ дорҕоонноох муусукам.
Ол эрэн ураты суруйар күннэргэ
Сүрэҕим кый үөһэ көтөҕүө үөрүүттэн,
Оччоҕо иэйиилээх түгэммин бэлиэтии,
Сыныйан көр миигин, чугастык санааҥнын:
Айдааннаах сүүрдүүгэ биэтэккэ инники
Түөрт түөрэм туйахтаах ахсым ат курдукпун
Эбэтэр комузка1 долгуйа доргута
Дьоннору саататар комузчут эбиппин...
Сүрэхпэр кытыастар саһарҕа ыспахтыы,
Дьиэрэтэн барбыта дарбыйар комузум,
Ол онтон аан бастаан күн сирин сонурҕуу,
Оҕобор түһэммин дьоллоно көрбүтүм.
Бырастыы, сороҕор үөрүүлээх күннэргэ
Соҕотох хаалларан хомотон барарбын,
Билэҕин, Дьылҕа Хаан бэриэттээх бэйиэккэ
Олуһун ыарахан олоҕу биэрэрин!
Александр Постников-Сындыыс тылбааһа
1 Комуз — кыргыз домбрата.
3-18

