Page 350 - Кун кууьар хайатыттан
P. 350
бачыыҥкатын атаҕар хам кэлгийэн кэбистэ. Ити эрэ кэннэ
сытта. Илиитин төбөтүн анныгар укта, санааҕа ылларда.
«Дьэ ити куттас, хоргус төбөккө түбэһэн алдьаннаҕыан!..
Билигин мантан да бардаҕына сатанар. Ханна? Шахтаҕа дуо?
Оо, мин сорум буолбут уйусхах ишак, үөдэн түгэҕэр дьүгэлий!
Аны кэлэн, аилбар мин хайдах төннөбүнүй?..»
Кини уолчаан орулаабытынан, сарылаабытынан дьиэтигэр
ойутан тиийбитин санаата.
«Төрөппүттэрэ сонно айдаан бөҕөтүн тоҕу тардыбыттара
чахчы — тыый, уолчааннара алдьархайга түбэспит: хайа эрэ
дьэллик талабардьыт киниэхэ саба түспүт, атын тэһиинин
харбаан ылбыт, быһаҕынан тирээбит, анньаары да гыммыт,
ону, хата, сыыһа туттан, симиирчэхтэри эрэ быһыта сотон
кэбиспит... Ол симиирчэхтэр букатын да сүттүннэр, оннук
айылаах харыһыйыы суох, сүрүнэ, уолчааннара тыыннаах,
этэмэт мүччү туттарбыт, төһө да оройунан кута көтүөр диэри
куттаннар даҕаны... Оттон ол талаанньыты, аана суох алдьар-
хайы таһаарыан иннинэ, түргэнник тута оҕустахха табыллар...
Ол кэннэ түөлбэ бары маныыһыттара, сылгыһыттара бу
түбэ сэрэхтэммитин билиэхтэрэ, истиэхтэрэ, милииссийэҕэ
тыллыахтара, отгон онно холкуос бурдуктаах бааһынатын уот-
таабыт күрүөйэх саһа сылдьарын тута таайыахтара... Аилтан
аилга сурах тарҕаныа, сорох-сорохтор бэйэлэрин хара дьайда-
рын киниэхэ сыбаан көлбөрүтүөхтэрэ...
Оо, сордоох, хантан күөрэйэн мин төбөбөр суулуннуҥ?!
Арыый да эрдэ дуу, хойут дуу ааспат буоллаҕа!.. Билигин бул-
гуччу сырсаллар. Мантан куота охсуохха, түргэнник куотуох-
ха! Ол гынан баран, ханна? Шахталар диэки дуо? Ол диэки
маныыһыт эрэ баһаам, ким эмэ хайаан да көрүөҕэ уонна тута
уорбалаан тыллыыра чахчы... Ол аата, биир эрэ суол баар
эбит — Казахстан... Онно эҥин-эҥин быралгы, хаамаайы уон
на быстах үлэҕэ кэлбит устугас дьон элбэх. Биир киһинэн
элбэх дуу, аҕыйах дуу — ким да суолта биэриэ суоҕа. Бастаан
нэлэмэҥҥэ бүгүөҕэ, онтон... Сарсын сарсыарда онно тиийиэ-
ҕэ... Ол эрэн аһылыга суох хайдах буолар, хантан ас булар?
Өйө суох, тоҕо да лэппиэскэтин хаалларан кэбистэ? Билигин
онно төттөрү барбат буоллаҕа!..»
— Ата-я, сордоох уолчаан баара! — Шумкалпак абаккаран
сиргэ силлээтэ.
348

