Page 411 - Кун кууьар хайатыттан
P. 411

кэһиэхтээхтик көөҕүнээбитэ. — Дьүлэй буоллуҥ дуо? Ийээ!
       Эй, эмээхсин?
         Эмээхсин, кини кэлиэн иннинэ утаҕын ханнаран, тугу эрэ
      муннун анныгар баллыгырыыра, эр киһи саҥатын истибэт да
      курдуга...
         —  һу-у! — эр киһи мырдыччы туттубута. — Тэллэҕэр хол-
      лубут дуу? Сыта сүрүн!
         — Иһэ ыалдьыбыт быһыылаах, арааһа, — диэбитэ дьах-
      тар. — Чэ, буоллун, сарсыарда харайыам.
         — Эй, эмээхсин! Миигин истэҕин дуо? — кини эмээхсиҥ-
       ҥэ төҥкөйөн кулгааҕар хаһыытаабыта. — Тэллэххэр ииктии-
       риҥ таһынан, аны төрүт да холлон кэбиспиккин дуу?.. Кыр-
      дьаҕас сытыган баара! Түргэнник өлө охсоруҥ буоллар дуу!
       Сордоотуҥ аҕай ээ! Эн ииккин сууйуу, хойуугун ыраастааһын!
      Алта ый, бүтүн сыл аҥаара биһигини сордоотуҥ! Киһилии да
       өлөр кыаҕа суох!..
         Оттон эмээхсин син биир тугу эрэ баллыгырыыра.
         Эр киһи хостон тахсыбыта. Дьахтар ороҥҥо тонной эмээх­
       син суорҕанын хайан биэрбитэ, тэллэҕин көннөрбүтэ. Уору-
       йах эмиэ, сиппит виноград дьөрбөтүгэр маарынныыр кини
       муус маҥан эмиийдэрин көрбүтэ. Эмискэ ип-итии долгун
       этин-хаанын устунан тарҕаммыта.
         — Патима, чэ, бүттүҥ дуо? Бардыбыт, сарсын барытын
       ыраастаар, — диэн аан хостон эр киһи саҥата көөҕүнээбитэ.
         — Бардым, — диэбитэ дьахтар, хостон тахсан иһэн.
         Сотору буолаат, аан хоско уот умуллубута, халҕан тыастаах-
       тык сабыллыбыта. Дьиэ иһигэр эмиэ ыас хараҥа буолбута.
         Уоруйах ити кэмҥэ бараары гыммыта, ол эрээри эмээх-
       сини аһына санаан тохтообута. Кини куруускаҕа уу баспыта
       уонна эмээхсиҥҥэ тиийбитэ. Эмээхсин уоһа номнуо хамсаа-
       бат этэ.
          — Ис, — диэбитэ кини, эмээхсин уоһугар куруусканы чу-
       гаһатан баран. — Уута ис.
          Эмээхсин хардарбатаҕа. Уоруйах ытыһын көхсүн кини
       аһаҕас айаҕар чугаһаппыта. Барбах тыынар курдуга. Онтон
       эмээхсин халтаһалара ибирдээбиттэрэ уонна иһиллэр иһил-
       либэттик сибигинэйбитэ:
          — Бүгүн бээтинсэ... Айыы Таҥара, бүгүн миигин ыл... Нэ-
       диэлэ бэһис күнэ...
                                                                409
   406   407   408   409   410   411   412   413   414   415   416