Page 16 - Дойдум Уус-Алдан Хорого
P. 16
..........: .= .................. — ..... = = = Дойдум - Уус-Алдан Хорою ■ ■■ 11|:=а1-.=:,= = ^
Үөһэ этэн аһарбыппыт курдук, сорох сэһэннэргэ этиллэринэн, Бэрт Хара Тыгын боотура буолар.
Кини Тыгын кэргэттэрин кытта бастакы билсиһиитин туһунан Г.В. Ксенофонтов «Урааҥхай
сахалар» диэн үлэтигэр нууччалыыга тылбаастаммыт сэһэни киллэрбит: «Однажды сын Дыгына
Мечеке-Беге увидел на снегу свежие следы Майыттыгаса. Пораженный их большим размером
он пошел по следам. В скорости конь Мечеке-Беге грудью ударился о человека, который шел,
взвалив на себя в огромном количестве убитых зайцев. Это был Майыттыгас. Вздрогнув от
неожиданности, последний ударом наотмашь опрокинул коня и всадника». Атын сэһэннэргэ Бэрт
Хара тайах сүгэһэрдээх этэ диэн этиллэр. Кэлин Бэрт Хараны Дыгын Дархан Тойон бэйэтин
илиитигэр ылан, кыыһын кэргэн биэрэн, уруурҕаһан өстөөхтөрүн кыдыйтарар боотур оҥостор,
чугас эргиннээҕи ыаллыы аҕа уустарын кытта күрэх былдьаһарыгар быһый оҥостор. Ол туһунан
бу курдук этиллэр: «И этот меткий стрелок (Бэрт Хара) служит у царя Тыгына богатырем и
витязем. По поручению Тыгына он истребляет его противников, богатого хоринского старца,
убивает враждебных богатырей и в награду получает в жены дочь Тыгына. По словам одного
вилюйского легендиста: «У Тыгына был сын Чаллаайы-Боҕө и зять Бэрт-Хара. Эти двое постоянно
воевали и истребляли людей. Их подвигами Тыгын и заслужил большую славу». Манна көстөрүнэн,
Бэрт Хара көмөтүнэн Тыгын ыраахтааҕы хоролору кыдыйтарар. Манна Хоро Тыгын өстөөҕүн
курдук кэпсэнэр. Үөһэ ахтан ааспыт сэһэммит, Хоро уонна Тыгын биирдэр этэ диэн вариантга
кэнники вариант утары соҕус буолар. Ол эрээри, Тыгын мэлдьи бэйэтиттэн күүстээҕи, баайы
барытын кырган иһэр идэлээх этэ диэн эмиэ ахтыллар.
Хоро ууһа аҕыйааһыныгар үһүйээннэргэ Тыгынтан батганыыларын таһынан, айылҕа атааннаан,
уу кэлэн, хоролор үгүстэрэ онно былдьаммыттара диэн этии эмиэ баар курдук көстөр. Ол туһунан
маннык кэпсэнэр эбит: «Урукку Арҕаа-Хаҥалас улууһун нэһилиэгэ Хоро диэн баара. Ол былыргыта
халыҥ дьоннооҕо уу алдьатан ууга бааттар, сорох ол-бу улуустарга тарҕаммыттар, онон 29 дууһа
эрэ Хоро аҕатын ууһа хаалбыт. Ол нэһилиэк сорох аҕаларын уустара: Силээн диэн Бүлүүттэн,
Тумаат диэн эмиэ Бүлүүгтэн кэлэн олоҕурбуттар. Силээн диэн 16 дууһалаах этэ, олор төрүттэрэ
былыр Бүлүүгэ Солоҕон Тоҥус диэн таһыгар бииргэ олорон баран, саас тоҥокко Солоҕон Тонуһа
сонордоон үрэҕин баһын булар, онтон Силээн ууһа бу дойдуга көһөн кэлэн, Хороҕо нэһилиэк
буолаллар. Онтон Тумаат диэн аҕа ууһа баара, кини 230 дууһалаах этэ. Кини төрдө эмиэ Бүлүү
үрэҕиттэн көһөн кээлтэ үһү. Онон Хоро үксэ туора омук, олохтоох Хорону 70 сыллааҕы муустаах
уу (потоп) кэлэн эһэн, онно быстан турар. Билигин 29 эрэ дууһалаах Хоро ууһа диэн аҕа уустааҕа,
онно Хоро нэһилиэгэ буолан олоотто».
Манна хоролор тустарынан сорох сэһэннэри көрдүбүт уонна өрө-таҥнары сэһэн, өйдөбүлэ
үгүс эбит диэххэ сөп. Олорго, холобур, Улуу Хоро оҕуһунан илинтэн кэлбитэ дэнэр. Ити эрээри
ынах сүөһүлээх монголлар билиҥҥи Уус-Алдан сиригэр илинтэн, Охотскай диэкиттэн дуу, хантан
дуу, кэлэр сирдэрэ суох. Онон илинтэн кэлии диэн Забайкальеҕа Хоро сахаларыгар бурят төрүтгэрэ
монголлар У-с үйэ диэки кэлиилэрэ этиллэр диэн Н.Е Петров сабаҕалыыра сөп курдук. Онтон
Улуу Хоро Тыгын Тойон саҕанааҕы (XVII үйэ саҕана) Бэрт Хараттан куотуута, Үөдэйгэ тахсыыта
олох кэлиҥҥи хоролор көһүүлэригэр сыһыаннаах. Тарбыах Тиис сылгыһыт уола Улуу Хоро этэ
диэн этии эмиэ олоҕо суох. Тарбыах Баайы Тыгын Тойон сэриилэрэ Лөгөйтөн төннөн иһэн кыргы-
бытгара диэн киэнник кэпсэнэр уонна кэлиҥҥи ХУН-с үйэтээҕи сабыытыйа буолуон соп.
Улуу Хоро Уус-Алдан сиринэн Бэрт Хараттан куотан Үөдэйтэн кэлэн Туймаадаҕа олохсуйбута
диэн этии эмиэ олоҕо суох, ол оннугар Тыгын Тойон иннинэ «Хоро ууһа бэйэтэ туспа күүһүрэн
олоҕурбута» диэн этии ордук соптоох. Хоролор быдан былыргыгган Омоҕойу кытта уруурҕаһан,
Хатастан саҕалаан, Туймаада хоту өттүгэр тэнийэн олоҕурбуттар диэн үгүстүк сэһэргэнэр. Маны
сэргэ бороҕоттор төрүттэринэн Хородой Хойоҕос ааҕыллар. Маныаха Н.Е. Петров этэринэн, хородой
диэн хоро баһылыга (хоро+дой, эл+дэй-эллэй государь дэнэрин курдук) диэн быһаарар. Онон Туй
маада хоролоро диэн бэрт былыр Забайкальеттан (Хоро дойдутуттан) кэлбит сахалар буолуох-
таахтар.
Дьэ итинэн, монгол тыллаах Улуу Хоро дьоно Саха сирин киин улуустарыгар, чуолаан Уус-
Алдатга кэлэн Саха омугу, кини тылын Х1У-ХУI үйэлэргэ үөскэтиспитэ диэн историктар түмүктэрэ
саарбах буолан тахсар. Г.В. Ксенофонтов «Урааҥхай сахалар» диэн үлэтигэр хоролор Саха тылы-
72

