Page 15 - Дойдум Уус-Алдан Хорого
P. 15

= = = = = = = = = =   ,   1  „   Хоро нэһилиэгин историята  ,   = = = = =  . = = = = = = =

        Кини бөҕөс, кыргыс дьоннордоох, сэттэ уоллаах, удаҕаннаах, ойууннаах, күтүөттээх, кыыстаах.
        Дыгын туой улуустар олохторун кэрийэн ханна ааттаах беҕөс бухатыыр  киһи баарын истэрин
        былаһыгар сүгүн олорбокко, сэриилээх тахсан өлөрөн, аатын-суолун ылан, баайын үүрэн киллэрэн
        мунньунар идэлээх эбит».
          Саха төрүттэрэ  олохторун  булууларын туһунан  уонна  Хорону  Тыгыны  кытта  биир  кэлим
        ситимниир  бэрт  интэриэһинэй  сэһэни  урукку  Хаҥалас  Хоротун  (билигин  Хатас  нэһилиэгин)
        олохтооҕуттан 1935 сыллаахха 52 саастаах Николаев Дмитрий Степановичтан Сэһэн Боло суруйан
        хаалларбыт. Сэһэн Боотур кэнниттэн Улуу Хоро Тыгыны кытта бииргэ кэлбиттэрэ диэн этиллэр.
        Ол туһунан  маннык:  «Кэнники  Улуу Хоро диэн,  Тыгын диэн тойонноох кылбаҥ сылгы,  ынах
        сүөһүлээх хоролор кэлэннэр тоҥуһу соҕуруу өрүс баһынан таас хайаҕа тутан өлөрөн олохторун
        ылаллар. Ол кэннэ Тыгын бэйэтэ, дьоно хоролордуун билиҥҥи арҕаа Ытык Күөл диэн күөлү ааттаан
        олохсуйаллар.
          Кини бу дойдуга кэлэн олус байар, кыргыһыыны олохтуур. Бары сири-дойдуну кини ааттата-
        лыыр.  Онон билиҥҥи куорат хонуута урут-былыр хоро олоҕо, хоролор олохторо этэ.  Билинтги
        Хоро нэһилиэгин аҕатын ууһа диэн сир ахсын бааллар: Бороҕонҥо, Намҥа, Хаҥаласка, Тааттаҕа,
        Бүлүүгэ».
          Ити  курдук,  бу  сэһэҥҥэ  Тыгын  Улуу Хоро  оҕонньору  кытта айаннаан  кэлэн  Саха  сиригэр
        олохсуйбут диэн этиинэн, Тыгын манна төрөөбөтөх кэлии киһи курдук көстөр. Отгон үһүйээннэргэ
        олоҕуран Сэһэн Боло Т ыгын олоҕун туһунан суруйуутугар кини хантан да кэл бэтэх манна төрөөбүт
        үөскээбит киһи буолар. Онно этиллэринэн, кини хос эһэтэ Сахатөрдө буолбут Эллэй Боотур диэн
        сиһилии этиллэр. Ол ис хоһооно маннык: «Эр соҕотох Эллэй Боотуртан биир уол Экин Абаҕа диэн
        төрөөбүт, киниттэн Дэхси төрүүр, салгыы Хоҕоһун диэн төрөөбүт, онтон Молльоҕор оҕонньор,
        Мунньан Дархан эбит. Онон Тыгын Мунньан диэн үөскээн, байан-тайан, баһылаан Тыгын Тойон
        диэн  аатырбыт».  Салгыы  Тыгын Улуу Хорону  кытта сыһыаннаһыытын туһунан  маннык этии
        баар: «Тыгын Тойон инниттэн олоҕурбут Улуу Хоро ууһа диэн туспа төрүөх дьон байан, билинҥи
        Туймаада хонуутугар олоотгорун кэнники Тыгын Тойон үөскээн, Хоро ууһун биир бастын баатыр
        уолун өлөрөн, кини олоҕун, дьонун, баайын бас билэн олорбут». Бу курдук, Хорону кытта бииргэ
        кэлбит Тыгын уонна Хоро ууһа тэнийэн байан-тайан олорбут кэмигэр хоролору кыргыбыт Тыгын
        атын-атын  кэмнээҕи  дьон  буолуохтарын  сөп.  Бастаан  Хорону  кытта  кэлбит Тыгын  кэлинни
        историяҕа киирбит Тыгын буолбакка, атын Тыгын диэн титуллаах киһи буолуохтаах. «Дыгын»
        термин  быһыытынан  биллэр.  Ол  курдук,  Тыгын диэн  тылы  профессор  Н.Е.  Петров  маннык
        быһаарар: «Бу термин былыргы тюрк тылларыгар титул, дуоһунас аата, ол иһин «Древнетюркский
        словарь» диэн үлэҕэ «титул, присоединяемый к именам младших членов ханской семьи, принц»
        диэн быһаараллар. Кини былыргы тюрдарга титул аатынан анал аат сорҕото буолан, норуокка
        тарҕанар,  историяҕа суруллар эбит» диэн суруйан турар. Ити курдук, хоролору Тыгыны кытта
        кэлбит Улуу Хоро удьуордара, хоролор дэнээччилэр кыргыллар кэмнэрэ “кыргыс үйэтин” кэмэ
        буолуохтаах.
           Оччотугар, бу кыргыс кэминээҕи үһүйээннэр Бэрт Хара хоролору кытта хайдах алтыспытын
        эмиэ кэпсииллэр. Сороххо Бэрт Хара Тыгын күтүөтэ буолан, Тыгын дьаһалыгар киирэн хоролору
        кыдыйбыта диэн кэпсээн эмиэ баар эбит.  Оттон сорох сэһэннэргэ Бэрт Хара ыаллара хоролор
        кыргыллыбытгарын өс-саас оҥостон Тыгыны кытта сэриилэһэр диэн этиилэр эмиэ бааллар. Мантан
        чуолкайын булуох иннинэ, Бэрт Хара туһунан үһүйээннэргэ туох этиллэрин билсиэххэ.
           «Тыгын кэмигэр Бороҕон улууһун төрдө буолбут Бэрт Хара диэн ойоҕо суох, кырдьаҕас ийэлээх,
        биир Ынах Мунна Сыллаабый диэн бииргэ төрөөбүт инилээх, сүрдээх бөҕө мөссүөннээх, күлүктээх
        көрүкнээх киһи олорбута үһү. Ол киһи Бороҕоҥко Кыыс Хаҥа диэн сиргэ олохтоох эбит». Бэрт
        Хара  аата төрүт  суолга  арахсар:  бастаан  Байытымма^ Бөрө  Бөтөкө,  Бэрт  Хара,  дөксө  биир
        аата Майаҕатта диэн буолбут. Бу курдук, Бэрт Хара түөртэ ааттанара туохха сытарый диэтэххэ,
        былыр сахаларга кыргыс кэмигэр оруода баһылыга (аҕа баһылык) эдэр сэрииһитин ыныран ылан,
        бэрдин билээри сыал ытгарара, сүүрдэрэ, ойутара, бары күүһүн мээрэйдиирэ, ол кэнниттэн, сээркээн
        сэһэттэр бары дьылҕалыыллара-билгэлииллэрэ, онтон эмиэ хос аат биэрэллэрэ. Итинник үгэстэн
        боотур киһи хас да ааттаныан сөп эбит.

                                                    11
   10   11   12   13   14   15   16   17   18   19   20