Page 14 - Дойдум Уус-Алдан Хорого
P. 14

...... :.... 1,............. .  Дойдум ■ Уус-Алдан Хорото   .1.  т   =  .. = =
          никами людей». Дьэ, бу икки омукка сахаҕа уонна бурякка майгыннаһар ис хоһоонноох норуот
          номохторо  баар  буолбуттара  мээнэҕэ  буолбатах  буолуохтаах.  Эллэй,  Омоҕой,  Хоро  истиэп
          адьырҕаларыттан  куотан  кэлэн,  билиҥҥи  Саха  сиригэр  олохсуйбуттара диэн  сэһэннэргэ  эмиэ
          кэпсэнэр.
             Н.Е. Петров санааларынан, саха төрүттэрин Эллэй, Омоҕой, Улуу Хоро тустарынан сэһэннэр
          саамай  былыргыта  Байкалга  Саха  омук  үөскээһинигэр  сыһыаннаахтар,  Хоро  (Забайкалье)
          сахалара Саха сиригэр сыыйа кэлиилэрин-тарҕаныыларын, кэпсииллэр, ол кэнниттэн XIII үйэҕэ
          уонна “кыргыс үйэтин” саҕана, онтон да кэлиҥҥи кэмнэргэ хоролор нэһилиэктэри үөскэтэллэрин
          сырдаталлар. Итини тутуһан хоролор тустарынан үһүйээннэри үс кэрдиис кэмҥэ арааран өйдүөххэ
          сөп.
             Норуот былыргы сэһэнигэр,  үһүйээннэригэр  олоҕурар буоллахха,  Саха сиринээҕи  Хоролор
          барыларын легендарнай төрүттэрэ Улуу Хоро диэн  ааттаах киһи  баар  буола сылдьыбыт эбит.
          Кини олус өрдөөнү, суругунан история көмөтүнэн кыайан чуолкайдаммат, олохтоох поэтическай
          легендаларга,  үһүйээннэргэ  киллэриллибит киһи.  Кини туһунан  кэпсэнэр  үһүйээннэртэн  биир
          үһүйээни ылан көрөр эбит буоллахха маннык:
             Сүүрүк оҕустаах,  элбэх сылгы,  ынах сүөһүлээх,  уруу,  аймах дьоннордоох,  ыччаттаах Улуу
          Хоро диэн ааттаах киһи илин диэкиттэн Амма, Таатта үрэхтэргэ, Алдан өрүскэ аат биэртэлээн,
          Мүрүгэ кэлэн сөбүлүү көрөн тохтообут.  Олохсуйарга санаммыт.  Кини сүүрүк оҕуһун  көлүйэн
          буолбакка, миинэн кэлбит. Бу маннык варианнар хас сэһэн аайы уларыйбакка хатыланаллар.
             Сэһэн Боло «Лиэнэҕэ нуучча кэлиэн иннинээҕи Саха олоҕо» диэн кинигэтигэр Саха төрүттэрэ
          көһөн кэлиилэригэр ханнык ааттаах сирдэринэн, үрэхтэринэн, төһө өр айаннаабыттара, ол иһэн
          кимнээҕи көрсүһэн, хайдах аасыһан олохсуйар сирдэри булбуттарын туһунан кэпсиир сэһэннэри
          киллэрбитэ. Онно 82 саастаах Дьүлэй нэһилиэгин Таатта улууһун олохтооҕо Дьөгүөрэп Дьөгүөр
          Миинэбистэн 1933 сыллаахха суруйан хаалларбыт үһүйээнигэр Хоро айаннаан иһэн туораталаабыт
          үрэхтэригэр хайдах тугу санаран аат биэрбитин туһунан хас биирдии тылыгар тиийэ, сирэй санаран
          кэпсээбит эбит: «Улуу Хоро Таатта үрэҕи - «Сүүрүгэ тохтуур, кэнэҕэс киһи сүөһү үөскүүр сирэ,
          дьоллоох дойду буолууһу», «Оҕуһунан Аллан өрүһү кэстэрэн көрөр да, оҕуһа, дириҥэ бэрт буолан
          кыайан туораабат, ол иһин «Аҥайа сытыйан Аллан буол», - диэн ааттаабыт. Амма үрэххэ кэлэн
          кэстэрэн туоруур, ол кэннэ «Алаахай Амма диэн буол», - диэн ааттаан баран, оҕуһун миинэн хоту
          диэки бара турбут» - диэн кэпсииллэр.
             1934  сыллааҕы  Куобарап  М.М.  уонна  64  саастаах Сибинуойап  Дьөгүөр  Мэхээлэбис,  Хоро
          нэһилиэгин Уус-Алдан улууһун (урукку Бороҕон улууһа) олохтоохторун, сэһэннэринэн Бороҕон
          Хоротун  төрдө  Тарбыах  Тиис  эбит.  Кини  сылгы-ынах  баайдаах,  элбэх  оҕолордоох,  кэргэн
          уолаттардаах (кулуттаах) улахан баай билиҥҥи Мүрү томторугар олорбута үһү. Ол олордоҕуна,
          Арҕаа Ханалас Тыгын Тойон сэриитэ (“кыргыс үйэтин” саҕана сэрии дьонун кыргыс дьоно диэн
          ааттыыллар) тахсан оҕолору, бэйэлэри, дьоннору сэриилээн кырган кэбиһэн төннөллөр. Арай, ол
          сэрииттэн саһан биир Тарбыах Тиис кыыһа, ол кэннэ сылгыһыт уола ордон хааланнар эр-ойох
          буолан, холбоһон, аҕалара Тарбыах Баай сүөһүтүн хомуйан сүөһү оностон, онно Мүрү томторугар
          олохсуйаллар. Кэнники ол сылгыһытуол Улуу Хоро диэн аатынан олорор. Хаҥалас сэһэнньитгэрин
          кэпсээнинэн, Тыгын Тойон иннинэ Хоро ууһа бэйэтэ туспа күүһүрэн олорбута үһү. Кинилэр ити
          билинҥи Дьокуускай куорат оннунан, Туймаада сыһыытыгар олохсуйбуттар. Ону, кэлин, Тыгын
          Тойон үөскээн туой сэриинэн, кыргыһыынан дьарыктанан Хоро ууһун (оруодун), биир күүстээх
          киһитин өлөттөрөн, кыайан баран Хоро дьонун, баайын, олоҕун бас билиигэ барбыт.
             Улуу Хоро, Тыгын Тойон уонна Бэрт Хара ити сэһэннэргэ кэпсэнэринэн бары биир кэмҥэ төрөөн-
          үөскээн ааспыт дьон буолаллар. Кинилэр бэйэ-бэйэлэрин кытта сыһыаннаһыыларын туһунан араас
          кэпсээннэр бааллар. Онно этиллэринэн, Саха мунур ыраахтааҕыта аатырбыт Тыгын Тойон хоролору
          кытта ураты  сыһыаннаах эбит.
             Үгүс үһүйээннэргэ Тыгын Тойон туһунан маннык кэпсэнэр. «Нуучча саханы кэлэн сэриилиэн
          иннинэ, Ханалас төрдө Дыгын Боотур диэн саха оччотооҕу мунур ыраахтааҕыта буолан олорбут
          эбит. Кини олоҕо өрүс  (Лена) арҕаа, билигин Дьокуускай куорат, онно Сайсары диэн сиргэ баара.
          Тыгын Тойон баайынан-дуолунан, киһитинэн-сүөһүтүнэн оччолорго Саха бастыҥ ыала эбитэ үһү.


                                                      10
   9   10   11   12   13   14   15   16   17   18   19