Page 62 - Дойдум Уус-Алдан Хорого
P. 62
:::::: : ............ ....... =........ Дойдум - Уус-Алдан Хорою ............ = = = = = ............=
быһаарыммыт. Инньэ гынан, уол суолун хайан атынан эккирэппит. Аттар суоллара били кини
хамначчытыгар туораабытын көрөн, онно тиийбит. Дьиэҕэ киирбитэ били көрбүт уоллара олорор
эбит. Дорооболоһон кэпсэппит: «Тукаам, бэрт үчүгэй сирэйдээх-харахтаах оҕо эбиккин, баҕар
туох эмэ идэлээх оҕо буолаайаҕын, бөлүүн мин биир соҕотох оҕолооҕум аҥар холо суох буолан
хоммут, ыарытыйбыт, баҕар онно туох эмэ көмөнү онгороойоҕун. Эрэйгин тугунан баҕарар көмө-
лөһөр, төлүүр кыахтаахпын», - диэн көрдөһө-ааттаһа олорбута үһү. Онуоха уола: «Ол мин туох
кыахтаах, талааннаах буолуохтаамыай? Киһи сирэйин таба көрбөт, килбик, быстар дьадаҥыттан
төрөөбүт киһи, ыт үрбэт, ынах маҥыраабат киһитэ буоллаҕым, эн этэргин мин кыайбат буол-
лаҕым», - диэбит. Баай киһи: «Дьэ, буоллаҕа, ол эрээри эн туох эмэ идэлээх оҕо буолуоххун сөп.
Өссө биирдэ эргиллэн кэпсэтиэхпит», - диэн тахсан барбыт. Кэргэнигэр тиийэн уолу көрсүбүтүн,
аккаастаммытын кэпсээбит. Онон ойуун булан кыырдарарга быһаарбыттар. Ойууну булбуттар.
Ойуун кэлэн сыгынньахтанан баран, дьиэлээхтэргэ: «Оҕобутун сүдү ойуун моһуоктаабыт. Мин
маны кыайыа суохпун» диэн буолбут. «Онон ол кэпсиир уолгун эккирэт, көрдөс-ааттас, астаах
баран үчүгэйдик кэпсэт, кини миигиттэн үрдүкү киһи эбит, тылгын ылыннаҕына баҕар кэлиэ».
Сарсыныгар сарсыарда эрдэ туран, дьиэлээх киһи астаах-үөллээх били уолугар барар. Уола айаны-
гар бараары тэринэ сылдьарыгар баттаһа тиийэр. Уолу көрсөн, кэпсэтэн, аһын-үөлүн илдьэ дьиэҕэ
киирэн наҕылыччы ирэ-хоро кэпсэтэллэр. Уолга арыгы иһэрдэр. Уол холуочуйар, «иллэрээ киэһэ
ыран, быстан эһиэхэ киирэн дорооболоспуппун, кэпсэтэ сатаабыппын киһи киирдэ диэн хайыһан
көрбөтөххүт, инньэ гынан хата бу чугас ыал баар буолан аһаан-сиэн, аттарбын сынньатан абыран-
ным. Онтон атын сиргэ быстарар эбиппин. Кэпсэтиэххититтэн кыһыйан-абаран, кырдьык муода-
лаабытым», - диэн билиммит. Оччону истэн баран: «Дьэ, тукаам, күн-ый буол, абыраа, ити күҥҥэ
көрбүт суос-соҕотох оҕолоохпут, аһын, харыһый, ол эн киирэн тахсыбыккын биһигиттэн ким да
өйдөөн көрбөккө хаалбыт. Бука диэн ону бырастыы гын, эрэйгин тугу көрдүүргүнэн төлүөм
тылбын ылын, хата биһиэхэ барыах», - диэн элэ-была бараммыт. Ону уол ылынан барсар буолбут.
Баай ыал дьиэтигэр киирээт, кэтэҕэриин ороҥно сытар уолу көрбүтүнэн киирбит. Сыгынньахтанаат
оҕоҕо тиийэн бэрт холкутук оҕо сыттыгын анныттан били холу сулбу тардан таһааран бүлгүнүгэр
сыһыары тутан баран үрэн кээспитэ, хаһан да буолбатаҕын курдук, илиилэнэн хаалбыт. Ити
кэнниттэн дьиэлээхтэр махтал баһыыба бөҕөнү этэн, уолу хоммут ыалыттан көһөрөн ас үтүөтүн
аһатан, көлөлөрүн бэйэлэрин отторунан аһатан, биир нэдиэлэ хоннорон маанылаабыттар. Эбиитин
эрэйгэр тугу көрдүүгүн диэн талларбыттар, Онуоха уол тугу да булан эппэтэҕиттэн, 25 ынах
сүөһүнү биэрбит. «Маны дойдугар илдьэн сүөһү гынан, сүөһү төрдүн тэринэн, үчүгэй баай ыал
буол», - диэн алҕаабыт. Онуоха уол: «Бу сүөһүлэри мин билигин ханна гыныамый? Антах илдьэн
аһатар отум да, хотонум да суох. Онон билигин ылбаппын», - диэбит. Дьиэлээх тойон: «Оннугунан
оннук буолуо гынан баран, саатар аҕыйах сүөһүтэ ыл», - диэбит. Ол кэпсэтии кэнниттэн бэрт
аҕыйах сүөһүнү ылбыта үһү. Ону били хоммут ыалыгар илдьэн биэрбитэ үһү. Итинтэн ыла,
Кыһыл ойуун, ойуун буолбута биллибитэ үһү диэн Мохочоос уола сэһэргиирэ.
Кыһыл ойуун сиэмэх буолбатах. Дьоҥҥо наар үтүөнү эрэ саныыр, сымнаҕас ойуун эбитэ үһү.
Кырдьан олорор кэмигэр, Тандалыыр аартыгынан түүн ойуун абааһылара Кыһыл ойууҥҥа ый-
хай бөҕөнөн, атынан, оҕуһунан оттиэйэн аҕалан, кырдьаҕас кыбыытыгар сүөкүүллэрэ үһү. Гуляев
аймахтан киһи өлөөрү гыннаҕына дүҥүрэ кэнники кэмнэргэ диэри тыаһыыра үһү.
Кыһыл ойуун Илин үрэххэ Суон үрэх соҕуруу өттүгэр, Тарас Булуҥутган арҕаа тахсар үрүйэҕэ
сайылыыр Саха балаҕаннааҕа үһү. Ол балаҕантга сытан өлбүт. Ону «Кыймаласпыкка» киллэрэн
көмпүттэрин сөбүлээбэккэ сүгүн буолбатаҕын, Суон үрэххэ куулаҕа таһааран араҕастаабыттар
диэн кэпсииллэрэ. Өлүөн иннинээҕи кэмҥэ Дьэнкиидэ булгунньаҕар эмиэ бэйэтин курдук улуу
ойууну кытта харсан, онно өлүү уутугар тимирбитэ үһү.
Хоро нэһилиэгин сэһэнньиттэрэ
Андросов Семен Николаевич-1861 с. Хоро нэһилиэгэр Илин Бырдьаҕа Дьэҥкиидэ күөлүн
хоту үрдүгэр Тандалыыр суол кытыытыгар олорбута. Кини суол кытыытыгар олорор буолан
үгүс хоноһолоох, ыалдьыттаах эбит. Ол иһин элбэх сонуну, кэпсээни истэрэ, билэрэ үһү. Онуоха
бэйэтэ да талааннаах сэһэни билбитин-көрбүтүн сатаан кэпсиир дьоҕурдааҕа үһү.
1921 сыллаахха кини 60 сааһыгар от ыйыгар А.Д. Широких диэн киһиТыгын Хоролору кытта
сэриитэ диэн кэпсээнэ Г.В. Ксенофонтов «Эллэйада» диэн кинигэтигэр бэчээттэммитэ.
Свинобоев Егор Михайлович-1870 с. Илин үрэх «Тыама» күөлүн халдьаайытыгар олохтоох
киһи. Кэлин Мүрү алаас халдьаайы Булунар олохсуйбута. Бу киһи улахан сэһэнньит киһи. Ону
58

