Page 27 - Уруйдуогун улуу кыайыыны
P. 27

Хос эбэм Ирина Даниловна Оллонова бииргэ төрөөбүт 12 этилэр. 4 биир-
        гэ төрөөбүтуолаттар сэриигэ барбыттара, онтон биирдэрэ Прокопий Дани­
        лович Оллонов сэрии толоонуттан эргиллибэтэх. Үс уол этэҥҥэ эргиллэн
        кэлбиттэр, олортон үс сэрии кыттыылааҕа, Геройга кыайан тэҥнэммэтэх
        аатырар сэрииһит Дмитрий Данилович Оллонов диэн киһи буолар. Ол кур-
        дук, 1939 с. Халкин-Голга японецтары кытары сэриигэ, 1941-1945 сс. Аҕа
        дойду сэриитигэр, 1945 с. иккистээн японецтары утары сэриигэ кыттыбы-
        та. Килбиэннээх үлэтин иһин үс «Кыһыл Сулус», икки «Кыһыл Знамя», Мон­
        голия народнай республикатын орденнарынан, элбэх бойобуой мэтээллэ-
        ринэн наҕараадаламмыта. Майор Оллонов дойдутугар эргиллэн баран, 16
        сыл Ис дьыала министерствотын систиэмэтигэр үлэлээбитэ.
           Кыайыыны уһансыбыт ини-бии Тиитэптэр уонна Өрүүнэ, Миитэрэй
        Оллооноптор ааттара хаһан да умнуллубатын, кинилэринэн киэн туттабын
        уонна кэнэҕэһин кэнчээри ыччакка ситими быспакка хорсун быһыыларын
        тиэрдэр мин ытык иэһим буолар.


                  ХОС-ХОСЭҺЭБИНЭН КИЭН ТУТТАБЫН














                                    Румянцев
                                 Егор Яковлевич

                                  Өспөх орто оскуолатын
                 4-с кылааһын үөрэнээччитэ Рустам Сивцев.
               Салайааччы Альбертина Петровна Федорова
           Сири-дойдуну сабардаабыт, эйэлээх олохпутун ай-
        мыырга соруммут, түөкүннүү саба түспүт фашистскай
        Германияны Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Советскай норуот үлтү урусхал-
        лаан кыайыыны ситиспитэ 80 сылын туолар өрөгөйдөөх үбүлүөйэ үүннэ.
           Аан дойдуну аймаабыт уодаһыннаах Улуу сэрии сыллара биһигиттэн
        сылтан-сыл улам тэйдэр-тэйэн иһэллэр. Ол эрээри ол ыар сыллар иэдээн-
        нэрэ, алдьархайдара хаһан да умнуллубаттар. Хос эбэм Ирина Егоровна
        кэпсээниттэн хос-хос эһэм туһунан элбэҕи биллим.
   22   23   24   25   26   27   28   29   30   31   32