Page 41 - Уруйдуогун улуу кыайыыны
P. 41

Сэрииттэн кэлэн баран, Хоноҕортон төрүттээх эдэркээн кыыһы Ека­
        терина Тимофеевна Татаринованы кэргэн ылан үс оҕолоноллор. Сэттэ
        сиэн, уон сэттэ хос сиэн, икки хос хос сиэн кинилэр олохторун салҕыыбыт.
        Сылын ахсын Кыайыы күнүгэр эбэлээх эһэбит мэтириэттэрин киэҥ тут-
        та «Өлбөт тыыннаах полка» аахсыйаҕа бары оҕолор, сиэннэр, хос сиэннэр
        тутабыт.


                СЭРИИ ТОЛООНУГАР ГЕРОЙДУУ ОХТУБУТ















                                   Колодезников
                                  Егор Петрович II

                                      ЕВ. Егоров аатынан
                       Мүрү 1-кы №-дээх орто оскуолатын
              2-с кылааһын үөрэнээччитэ Риана Турантаева.
                Салайааччы Елена Иннокентьевна Атласова

           Мин хос эһэм Петр Семенович Колодезников бииргэ
        төрөөбүт убайа Егор Петрович Колодезников 1942 сыллаахха Уус Алдан
        Байаҕантай бөһүөлэгиттэн сэриигэ ыҥырыллан бар быт.
           Егор Петрович сылгыһыт уонна күүстээх, сымса киһи эбит. Ол
        иһин кини кавалерийскай дивизияҕа ананан сэриилэспит. Олус хорсун
        киһи буолан, ат үрдүгэр саабыланан киирсэн кимэн киириигэ сылдьы-
        быт уонна 1943 сыллаахха сэрии толоонугар геройдуу охтубут. Тверь
        уобалаһын Осташково куорат бырааттыы иинигэр көмүллүбүт.
           Абаҕам хаартыскаҕа көстөрүнэн, кыахтаах киһи.











                                       -39-
   36   37   38   39   40   41   42   43   44   45   46