Page 58 - Уруйдуогун улуу кыайыыны
P. 58
СЭРИИ КЭМИН ОҔОТО ЕЛЕНА ЗАХАРОВА
Захарова
Елена Макаровна
Мүрү 2-с №-дээх орто оскуолатын
1-кы кылааһын үөрэнээччитэ Михаил Тимофеев.
Салайааччы Татьяна Владимировна Герасимова
Мин аҕабынан хос эбэм Елена Макаровна Заха
рова 1926 с. Чурапчы оройуонун Кытаанах нэһилиэгэр
төрөөбүтэ. Ийэлэрэ эрдэ ыалдьан өлөн, кыргыттар аҕаларын
кытта олорбуттар. Сэрии кэмигэр, сут кураан дьылларыгар, аҕалара оттуу
барбыт кэмигэр, 10-тан тахсалаах эрэ кыыһы балтытын кытта «Кыһыл
Иитиэх» холкуоһу кытта Булуҥ оройуонугар күүс өттүнэн көһүүгэ илдьэ
барбыттар. Аҕалара билбэккэ хаалбыт. Бэстээххэ тиийэн пароходу кэтэһэ
олордохторуна, аҕалара оҕолорун сүтэрэн, кэннилэриттэн эккирэтэн кэлбит.
Аҕалара Булуҥҥа тиийэн балыкка улэлээбит, ол улэлии сылдьан ыалдьан
өлбүт. Кыргыттар тулаайах хаалбыттар. Куруук аччык өлөр тиллэр икки
ардынан сылдьаллара, улахан дьон аһынан аһаталлара үһү. Ол кэмнэргэ үлэ,
үөрэх «Барыта Кыайыы туһугар» диэн биир санаанан ыытыллара. Кыргыттар
улахан дьонтон хаалсыбакка тэҥҥэ өрүскэ балыктаһаллар, үлэлииллэр эбит.
Ол курдук, улахан дьон, биир дойдулаахтарын көмөлөрүнэн этэҥҥэ сылдьан,
1944 сыллаахха дойдуларыгар тонной кэлбиттэр. Кэлэн баран аймахтарынан,
детдомунан олорбуттар.
Хос эбэм 1948 сыллаахха Таатта оройуонун Дьүлэй нэһилиэгэр хос эһэбэр
Михаил Никифорович Тимофеевка кэргэн тахсыбыт. 1967 сыллаахха Чурапчы
оройуонун Алаҕар нэһилиэгэр көһөн кэлбиттэр. 10 оҕону, 3 кыыс, 7 уол оҕону
төрөппүттэр. 1969 сыллаахха Герой ийэ аатын сүкпүт. «Ийэ албан аата» орден
I, П, Ш степеннэрин кавалера. Тыыл бэтэрээнэ. Хоту көһөрүлл үү кыттыылааҕа.
Хос эбэм туһунан эһэм Иван Михайлович Тимофеев кэпсээниттэн билэбин.
Чыаппараҕа хос эбэлээх эһэм олорбут дьиэлэригэр хаста да сылдьыбытым.
Эбэм наһаа үлэһит, амарах сүрэхтээх, эйэҕэс маайгылаах ийэ, эбэ этэ. Сиэннэрэ,
хос сиэннэрэ элбэхпит. Мин хорсун санаалаах Эбэбинэн киэн туттабын. Кини
үлэтэ, олорбут олоҕо, дьоҥҥо сыһыана биһиэхэ холобур буолар.
k Jr ’ ■ лг JF
-56-

