Page 62 - Уруйдуогун улуу кыайыыны
P. 62
Мин санаабар, тыылга хаалбыт дьон - геройдар. Кинилэр саа тутан
сэриилэспэтэхтэр. Ол да буоллар, дойдуларын көмүскээбиттэр. Төһө да
ыараханын иһин, үлэлэрин тохтоппотохтор. Тыылгахаалбыт дьон хорсун
санаалара кыайыыны эмиэ аҕалбыта. Тыылга да, сэриигэ да геройдар
баар буолуохтаахтар!
Эбэбин олус таптыыбын, кининэн киэн туттабын. Кини - тыыл
дьицнээх геройа! Эбэлэрбит, эһэлэрбит хорсун быһыыларыттан
биһиги этэҥҥэ олоробут, үөрэнэбит, дьоллоох оҕо сааһы билэбит. Мин
улааттахпына, эмиэ дойдум туһугар үлэлиэм, дьоҥҥо көмөлөһүөм. Сэрии
хаһан да буолбатын!
- 60-

