Page 61 - Уруйдуогун улуу кыайыыны
P. 61

ТЫЫЛГА ЭМИЭ СЭРИИГЭ КУРДУК















                                    Харитонов
                                 Иван Васильевич


                         Россия Геройа М.М. Стрекаловскай
                          аатынан Өнөр орто оскуояатын
            2-с кылааһын үөрэнээччитэ Дайаана Афанасьева.
                   Салайааччы Мария Семеновна Афанасьева

           Аҕа дойду Улуу сэриитин туһунан кинигэ ааҕан,
        дьоммуттан ыйыталаһан элбэҕи билэргэ дьулуһабын. Хос эһэм Иван
        Васильевич Харитонов сэриигэ сылдьыбытын, дойдутун көмүскээбитин
        туһунан эбэм Анисия Ивановна Ушницкая кэпсээниттэн билэбин.
            Ол эрээри, сэрии диэн саа тутан сэриилэһэр эрэ буолбатах эбит. Эбэм
        ахтыытыттан, тыылга, эмиэ сэриигэ курдук, ыарахан буолар эбит диэн
        өйдөөбүтүм.
           Кини сэрии саҕана кыра оҕо эбит. Эр дьон бары сэриигэ бараннар,
        тыылга дьахталлар, оҕолор эрэ хаалбыттар. Эбэм этэринэн, ол саҕана
        оҕолор улахан коме буолбуттар. Ыарахан үлэҕэ улахан дьону кытта тэццэ
        сылдьаллара үһү. Хортуоппуй, сэлиэһинэй үүннэриитигэр, хомуйутуугар
        үлэлээбиттэр. Техника диэн суох. Ыарахан үлэни илиинэн толороллор
        эбит. Олус аччыктыыллара, тоҥоллоро үһү. Ол да буоллар, санаалара
        түспэтэх. Кыайыы кэлиэ диэн эрэнэн, бары күүстэрин ууран туран
        үлэлээбиттэр. Хомуйбуттарын сэриигэ анаан кыайыы туһугар ыыталлар
        эбит.
           Оҕолор сэриигэ сылдьар саллааттарга сурук суруйаллар, нэһилиэккэ
        кэнсиэр көрдөрөллөр эбит. Оччотооҕу оҕолор улахан дьон курдук
        сананаллара, оонньуур диэни умналлара үһү.
           Тыылга бары бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөһөн сылдьыбыттар. Ыарахан
        кэмҥэ бэйэ дьонуҥ эйиэхэ күүс биэрэллэр эбит. Ол көмө, өйөбүл
        кыайыыны эмиэ уһансыбытын өйдөөтүм.


                                       -59 -
   56   57   58   59   60   61   62   63   64   65   66