Page 76 - Уруйдуогун улуу кыайыыны
P. 76

ГЕРОЙДАР БИҺИГИ ОРТОБУТУГАР














                                           Дорофеев
                                     Николай Григорьевич


                      Россия Геройа М.М. Стрекаловскай аатынан
                                         Өнөр орто оскуолатын
                       2- с  кылааһын үөрэнээччитэ Милада Яценко.
                         Салайааччы Мария Семеновна Афанасьева

                  Мин үөрэх кэннэ дьиэбэр оонньуурбун, мультик ке-
              рөрбүн сөбүлүүбүн. Киэһэтин иллэҥ кэммитигэр ийэбинээн кинигэ
              ааҕарбытын ордоробут. Аахпыт айымньыларбыттан геройдар тустары-
              нан элбэҕи билэбин. Дьиҥнээх геройдар ханна баалларый? Кинилэр ос-
              туоруйаларга, кэпсээннэргэ эрэ бааллар дуо?
                  Эбэм Татьяна Николаевна Сивцева, хос эһэм Николай Григорьевич До­
              рофеев туһунан элбэхтик кэпсээбитэ. Кини Аҕа дойду Улуу сэриитин кыт-
              тыылааҕа. Фашистскай Германия биһиги дойдубутугар сэриинэн киирбит.
              Ол ыарахан кэмнэргэ дойдутун көмүскүү барбыт. Эһэм хорсуннук сэрии-
              лэһэн, дойдутугар тыыннаах эргиллэн кэлбит. Кини мэтээллэрэ миэхэ олус
              күндүлэр. Мин кининэн киэн туттабын. Кини - дьиҥнээх герой!
                  Өссө мин кинигэттэн Зоя Космодемьянская диэн герой кыыс баарын
              билэбин. Немецкэй фашистары кытта хорсуннук киирсибитэ, куттамма-
              таҕа, олоҕун толук биэрбитэ. Мин кини хорсунун сөҕөбүн. Кини курдук
              күүстээх санаалаах буолуохпун баҕарабын.
                  Билигин биһиги ортобутугар геройдар эмиэ бааллар. Буола турар
              анал байыаннай дьайыыга мин дэриэбинэбиттэн саллааттар барбытта-
              ра. Биир дойдулаахтарбыт хорсуннук сэриилэһэллэр. Биһиги этэҥҥэ оло-
              рорбут, үөрэнэрбит, оонньуурбут туһугар олохторун толук уураллар. Мин
              истэрбинэн, кинилэри саллааттар, офицердар дииллэр эбит. Саллааттар-
              га сурук, уруһуй ыытан, махталбын тиэрдиэхпин баҕарабын. Кинилэр -
              дьиҥнээх геройдар! Доруобай сырыттыннар, дойдуларыгар этэҥҥэ эр­
              гиллэн кэллиннэр!
                                                                       f&ttl
                                             - 74-
   71   72   73   74   75   76   77   78   79   80   81