Page 161 - Майаҕатта Бэрт Хара
P. 161
■
Сабыстай ойуун: Билигин кыыл, көтөр саҥатын таһаардым да, бу сарбаҕаспыттан тар-
дан ылаар эрэ.
(Көрдөрөр. Аллараа дойду адъарайдарыгар майгылыыр, киһи сатаан быһаарбат сакаларын
таһаара-таһаара эмиэ оҕо тула холоруктуу эргийэр. Син чочумча буолаат суор курдук
кыланар, Эбэрикээн сарбаҕаһыттан тардар, ойуун кыыран тохтуур)
Сабыстай ойуун: Дьэ, туохха даҕаны кыайтарбат, туохтан даҕаны хотторбот абааһылар
буолан биэрдилэр. Уолуҥ киһи-киһи курдук эттээх-сииннээх диэҕи сымыйа, туппутум эрэ
дьиппэ сир кырыһын кэриэтэ, таарыйбытым эрэ сымара таас тэҥэ.
Эбэрикээн: Оннук буоллаҕына абааһылар да араҕыа турдахтара?
Сабыстай ойуун: Мин манныгы бастакыбын көрсөбүн — туох да диэн харда биэрэр
кыаҕым суох. Уолуҥ бэйэтэ олох чэгиэн, күүстээх оҕо эбит. Абааһыларга бэринэр санаата
суох. Хата, биир эбит күн абааһылартан, иилинэ сылдьыбыт адаҕалары уһулар курдук, босхо-
лонуон сөп диэн көрөбүн...
Эбэрикээн: Биһиги ону түргэтэтэр курдук көмөлөһөр ньыма тобулуохпут буолаарай?
Сабыстай ойуун: Үрдүк Айыыларбыт ситигирдик ыйаахтаабыттара буолаахтыа. Биһиги
онно орооһорбут табыллыбат. Кэмэ кэллэҕинэ — бэлиэтин биллэриэ...
Эбэрикээн: Оо, оҕом барахсан! Хаһан эмэ үтүөрээ инибит. Ытык кырдьаҕас, сыраҕын
ууран кыһаллыбыккар барҕа махтал буолуохтун!
(Тахсан бараллар. Быыс)
3 КӨСТҮҮ
(Кыыс Хаҥа алаас. Эбэрикээн, улахан уола Дьабаҕан салааска
соспутунан киирэн кэлэллэр. Эбэрикээн өрө тыынар)
Эбэрикээн: Бэрт да алаас эбит ээ! Тыынарга астыгыан! Хата быстыбат быйаҥнаах, ба-
раммат баайдаах кэрэ-мааны сир буолларгын, манна олохсуйуо этибит...
Дьабаҕан: Көрүҥҥүтүүй, ол алаас арҕаа кэриитигэр ыаллар олороллор эбит дии!
(Байаттыман сыарҕатыгар олоро биэрэр)
Байаттыман: Чахчы даҕаны, астыгыан!
Дьабаҕан: Ийээ, биһиги ити сыыр үрдүгэр эмиэ балаҕан туттан киириэхпитин сөп дии?
Эбэрикээн: Көрүөхпүт. Аҕаҕыт Баттыктаах Байана баара эбитэ буоллар, ыал аҕа баһылы-
гын сиэринэн — кини быһаарыа этэ.
Байаттыман: Убайым Дьабаҕан эппит сиригэр тохтуохха.
Эбэрикээн: Чэ, эн итиннэ хос сыҥаах буола сытыма. Сабыстай ойуун уолуҥ хаамара ба-
рыта бэйэтиттэн тутулуктаах диэбитэ. Бэлиэр хаамыаҥ да эбитэ буолуо!
Байаттыман: Оо, дьэ, ийээ! Хаамар күнүм хайаан даҕаны тосхойуо! Көрөҕүн, ол кэ-
тэҕэриин ойууртан баара-суоҕа түөртэ буурдаан, ити сыыр тэллэҕэр баар буола түһүөҕүм!
Тылбын биэрэбин, ийээ!
Эбэрикээн: Дьэ, ол хаһан! Инчэҕэй эттээх ийэҕитин саас ылан эрэр, эн даҕаны күн-түүн
улаатан, ыйааһыныҥ эбиллэн иһэр. Кор, талах сыарҕабыт кыайтарбатыгар тиийдэ буолбаат.
(Сыана биир улаҕатыгар соһон тиийэр)
Эбэрикээн: Саатар бу сыыры дабайбыт киһи... Өтөх төҥүргэстиэ этибит...
(Дьүрүскэн тыаһа уларыйар. Эбэрикээн сыарҕаны соһо сатыыр даҕаны,
быата халтарыйа турар)

