Page 13 - Василий Сивцев. Производство хамандыырдара
P. 13
куолаһыгар 60-тан тахса толуу ас-
таах сиэмэлээҕэ. Бэртүчүгэй үүнүү-
лээх бааһыналар таах быраҕыллар
кыахха киирдилэр, — диэн бэйэтин
хом санаатын этэр звеньевой. Дьэ,
ол иһин бурдук үүннэрээччилэр
улахан болҕомтолорун саас сии-
ги куоттарбакка, бастыҥ хаачы-
стыбалаах сиэмэнэн агрономиче-
скай дьаһаллары тутуһан ыһыыны
болдьоҕор ыыталлар. Ол кэнниттэн Сиэмэ ыраастааһына бүттэ.
сир үлэһитэ сылайары-элэйэри аах-
сыбакка хайа солооһуна халтаҥнаабытын эбэтэр хойуутук үүнэн эрэрин
кэрийэн көрөр үтүө үгэстээх. Бу үтүө хаач ыстыба эмиэ төрөппүттэриттэн
бэриллибитэ буолуо... Сиргэ тапталы, үлэҕэ умсулҕаны Сэмэҥҥэ аҕата
такайбытын улахан махталынан ахтар. Үлэ — олох, үлэҕэ умсугуйдуҥ
даҕаны, ол барыта санаа курдук улгумнук табыллан иһэр диэххэ сатам-
мат. Онтон олоххо туох эмэ саҥаны, бастыҥы тутуһан үлэлиир буол-
лахха, дьэ били үлэҕэ умсулҕан үчүгэй түмүктэри биэрэр.
Ити кэнниттэн үлэһиттэргэ тиийэбит. Уолаггар бэйдиҥэлэртэн
атыыласпыт сиэмэлэрин эбии хаттаан ыраастыы сылдьаллар эбит. Тут-
таллара-хапталлара түргэннэрэ сүрдээх, элэҥнэччи үллэҥнэтэн биир чө-
мөҕү бүтэрэ оҕустулар. Биригээдэҕэ элбэх эдэр ыччат баарын бэлиэтии,
сөбүлүү көрдүм. Бары даҕаны үлэҕэ буспут-хаппыт, көхтөөх-көрдөөх,
кэпсээннээх-ипсээннээх дьон эбит. Механизатор Юрий Сивцев сайын
отчут бэрдэ, толору механизациялаах звенону салайбыта хаһыс да сы-
лыгар барбыт. Былырыын 320 тонна оту бэлэмнээбиттэр. Ыйытар да
боппуруостара үгүс... политика, сир баайа, тимир суол, газ, тыа хаһаа-
йыстыбата. Тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начальнигын солбу-
йааччы С.Н. Васильев улуус сонуннарыттан сиһилии кэпсээбитин сир
үлэһиттэрэ сыыска түһэрбэккэ сиһилии болҕойон иһиттилэр.
— Быйыл 5465 гектарга бааһына сирин, бу иһиттэн 1723 гектарга туо-
раахтаах, 1425 гектарга сүөһү аһылыга буолар культуралары ыһыахпыт.
Күн бүгүн улуус үрдүнэн 700-тэн тахса гектарга көмүс туораахтары
түһэрдибит. Бэйдиҥэлэр 300-кэ гектары ыстылар. Миэстэҕэ сылдьан
билистэххэ итэҕэс-быһаҕас ханна барыай?! Баар суол. Кырдьык, тех
ника барыларыгар да эргэрдэ. Маны сэргэ, быйылгы ыһыыбытыгар
бааһынабыт иэнэ аччыыр кутталлаах, «Хаҥа» быйыл эмиэ ыспата.
Онон бу боппуруоска бары ылсан үлэлэһэрбит наада. Республика пра-
вительствота анал бурдук программатын ылынан, республика бэйэтэ
бурдуктаныахтааҕын туһунан киэҥ ис хоһоонноох кэпсэтии барбыта
ыраатта. Быйыл бу боппуруос өссө күүскэ турда, — диир Степан Нико
лаевич.
11

