Page 69 - Василий Сивцев. Производство хамандыырдара
P. 69

ситэ ас куппат. Өр сыллаах үлэбит уопутуттан этэр буоллахха, биир гек-
       тарга төһөнөн намыһах нуорманан ыһыллар да нэчимиэн куолаһа уон-
       на кини туорахтара соччонон элбэх уонна бөдөҥ буолаллар.

                           Партия эрэллээх байыаһа

         Ньукулай  1904  сыллаахха  Бороҕон  улууһун  иккис  Бэрт  Ууһун
       нэһилиэгэр дьадаҥы дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүт. Аҕата Николай Тимофе­
       евич Сивцев хараҥа олоххо үөрэх-билии сайда илик кэмигэр төрөөбүт.
       Кини  төрөппүттэрэ  кырыымчык  олохтоох,  үөрэҕэ  суох  дьон  этилэр.
       Кинилэр баһымньынан сири табыйан бурдук үүннэрэн,  хара  илиилэ-
       ринэн  оттоон-мастаан  олорбуттара.  Ол  иһин  да  буоллаҕа,  Ньукулай
       кыра  эрдэҕиттэн  эрэйи  эҥэринэн  тэлбитэ,  олох  ньулуунун-аһыытын
      оҕо сааһыттан билэ улааппыта.
         Дьэ,  ити  курдук  кэпсэтии,  ыйытыы  күүһүнэн  Ньукулай  туе  оло-
       ҕуттан, үлэтиттэн бэрт интэриэһинэй киһи болҕомтотун тардар сону-
       ну билбитим.  Билбитим  хайдахтаах  ыарахан,  сут-судураай  сылларын
      эт  илиитинэн,  сахалыы  өйүнэн  үлэлээн  кэлбитин.  Оччотооҕу уустук
      бириэмэҕэ  үҥэр  таҥара  оҥостубут  сэбиэскэй  былааһа  үтүө  санааҕа,
      билиигэ-көрүүгэ үөрэппитэ, такайбыта. Киһи-хара оҥорон, олох киэҥ
      аартыгар бигэтик үктэннэрбитэ.
         Сир дьиҥнээх хаһаайына, иллээх улахан дьиэ кэргэн эрэллээх бөҕө
      тирэҕинэн,  амарах  истиҥ  санаалаах,  чөл  олохтоох  аҕа  баһылыгынан
      төрөппүт  оҕолоругар,  үлэҕэ,  тус  олоҕор  кэнчээри  ыччаттарыгар  үтүө
      холобуру көрдөрбүтэ күн бүгүнүгэр диэри хайҕалга, кэпсэлгэ сылдьар.
       Коммунист быһыытынан партия  ыытар политикатын халбаҥнаабакка
      тутуһан,  үлэҕэ,  олоххо  көстөр  итэҕэстэри-быһаҕастары  сирэйгэ  аһа-
      ҕастык  этэн,  олоххо  киллэрэр  суоллары  тобулар  ыллыктаах,  ылын-
      нарыылаах  сүбэлэри  биэртэлиирэ.  Биир  тылынан  этгэххэ,  ыраас
       ыстаалтан уһаарыллыбыт ханныктаахда күчүмэҕэй, ыарахан балаһыан-
      ньаыларга дьоно-сэргэтэ бүк эрэнэр эрэллээх байыаһа буола үүммүтэ.
       Күн  бүгүн  коммунист  үрдүк  оруолун  кытаанахтык  тутуһан  кэлбитэ
      үөлээннээхтэригэр холобур  буолара саарбаҕа суох.  Ону  кини  олорбут
      улахан олоҕор, тустаах үлэтигэр толору көрөбүт.
         Тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэригэр үүнүүнү үрдэтиигэ агрономи-
      ческай дьаһалларын олоххо киллэрэр, саамай эппиэттээх кэмнэрэ кэ-
      лэн тураллара. Дьэ, бу дьаһаллары хайдах тутуһан олоххо киллэрэрби-
      титтэн  күһүҥҥү хомуурбут быһаччы тутулуктаах буолуоҕа, — диир сир
      маастаракүн-дьыл ыраатан эрэриттэндьиксиммиттии. Ол дьиксиниитэ
      кини тустаах үлэтигэр буолбатах, оройуон хаһаайыстыбаларыгар сиргэ
      хаһаайынныы сыһыан билигин да ситэтэ суохтук ыытылларыттан хом
      санаатын  биллэрэр.  Дьыл  баччатыгар диэри  сорох  ыһыынан дьарык-
      танар  хаһаайыстыбалар  сиэмэлэрин  түһэрэ  иликтэрин  радиоттан  ис-
                                                                     67
   64   65   66   67   68   69   70   71   72   73   74