Page 19 - Өнөрдөр Аҕа дойду сэриитигэр. I чааһа
P. 19
тоҥҥо тахсаллара. Онно баҕанаҕа өйөнөн, хотуур угар өйөнөн
төһөлөөх элбэх харах уута тохтубута буолуой? Ким да ону сатаан
сабаҕалаабат, быһаарбат.
Биһиэхэ икки сыыппара баар. Ол 1941 сылтан 1945 сылга диэ-
ри 4 сыл устата Өнөр нэһилиэгиттэн өлбүт-сүппүт дьоннор аатта-
ра-суоллара. Онтон биирдэстэрин Д.С. Троев улуустааҕы архивка
үлэлии сылдьан булан биэрбитэ. Онно барыта, ити түөрт сылга,
134 киһи диэн. Иккис сыыппара улуустааҕы загса отделыттан ити
сылларга өлөн хараардыллыбыт дьоннор испииһэктэрэ 162 киһи
диэн. Ол иһиттэн алдьархайдаах 1942 сылга бастакытыгар 54 киһи
өлбүт диэн, иккиһигэр 62 киһи өлбүт диэн. Ол тухары дьон араас
ыарыыга ылларан өлбүттэрин туһунан докумуону биэрэллэр эбит.
Биир да киһи аччыктаан, хоргуйан өллө диэн докумуону ылбатах.
Аччыктааһынтан, хоргуйууттан, кырдьык, араас ыарыыга тэптэр-
биттэрэ буолуо. Ону чуолкайдыыр кыах суох. Холобур, сэрии,
үлэ ветерана, норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Сергеев
Н.М. сэриигэ балтараа сыл курдук сылдьар.
1943 сылга ыараханнык бааһыран дойдутун булар. Бу кэм уста-
та дойдутугар хаалбыт ийэтэ, убайдара, эдьиийэ уонна балта суох
буолаллар. Быраата Өлөксөй сэрии кэнниггэн эмиэ тута сөрөөн
өлөр. Онон ньир-бааччы олорор улахан ыалтан чороҥ соҕотох хаа-
лар. Өлүү-сүтүү биричиинэтин сэллик ыарыыга түһэрэллэр. Ол
туһунан сорох докумуоннар билигин да бааллар. Колхуоһунай ин-
тернакка олорбут сорох оҕолор аччыктаан сирэйдэрэ иһэрэ үһү.
Дьэ бу ыар сыллары киһи өйүттэн-санаатыттан түһэрэрэ та-
быллыбат. Өссө иҥэн-тоҥон үөрэтиллиэх тустаах. Иккиһин ман-
нык ыар олох хатыламматын туһугар дьон өйүн-санаатын түмүү
үлэтэ ыытыллыахтаах. Олоҕу олоруу, үлэ-хамнас, үөрэнии - ба-
рыта биир тыыннаах организм курдук буолуохтаах. Оччоҕо эрэ
олох биир тэҥник, эриэ дэхситик сайдыахтаах.
Оччолорго дьон сэниэтэ суох буолан, киһи ахсын иин хаһар
кыаллыбакка, биир ииҥҥэ элбэх киһини көмүү буолуталаабыт.
Оннук үлэҕэ сыдцьыбыт Степан Павлович Сергеев оҕонньор
кэпсиир буолара:
- Аныгы тот оҕолор, дьоммутун үчүгэйдик харайбатаххыт диэн,
хата, кыыһырыах курдуктар. Суту-судурҕаны билбэтэх дьон курдук
тутгаллар. Туһугар иэдээн этэ эбээт! Оҕоннюр муҥатыйара, абакка-
рара баа буолбат. Дьон дохсун өйүн, тугу да ситэ тиэрдэн өйдөөбөт,
дьиҥэр, кини хайыай? Үтүөнү оҥорбутун үөҕэн биэрдэхтэрэ.
Дьэ итинник олох, итинник өй-санаа иккистээн кэлбэ-
15

