Page 39 - Өнөрдөр Аҕа дойду сэриитигэр. I чааһа
P. 39

лалта  олус  ыраах  олорорун,  ол  барыта  экономикаҕа  охсуохтааҕын
        туһунан сүгэ-балта тыллаах,  өйдөөх  ыстатыйа тахсар.  Нэһилиэккэ
        кэпсэтии  ол  эрэ туһунан  буолар.  Инньэ  гынан  өй  мэйдээх тулуй-
        бат кэпсэтиитэ,  сыһыаннаһыыта тахсар.  Ол устунан үлэҕэ-хамнас-
        ка  охсуохтааҕа  биллэн  барар.  Дьэ  ол  иһин  оройуон  салалтата  бу
        боппуруоһу  биир  сүрүҥҥэ  киллэрдэҕинэ  сатанар  балаһыанньата
        үөскүүр.
            Олохтоох  комсомолькай,  партийнай  мунньахтар  буолал-
        лар.  Комсомоллар  да,  коммунистар  да  «арахсыахха  сөп»  диэн
        сүбэлэһэллэр.  Маны  истибит  райком,  райисполком  аппарата  өрө
        мөхсө түһэллэр. Олунньу ыраас халлааныгар этиҥ эппитин курдук,
        соһуйуу-өмүрүү буолар. Өстөөх аттыбытыгар баарын билбэккэ оло-
        рор эбиппит диэбиттии тутгаллар.  Онон,  совхоз уопсай партийнай
        мунньаҕа  ыытыллар.  Кэнэйдэһии,  муннукка  ыксыы  онно  тахсар.
        Халбаҥ өттүлэрэ туран биэрэллэр,  «чээ» дьон буолан хаалаллар.
            Оройуон  кииниттэн  райком  секретара,  исполком  председа-
        телэ,  тыа хаһаайыстыбатын  министрэ  Яков Алексеевич  Семенов
        элбэх  киһилээх,  нэһилиэккэ  мунньахтыы  тахсар.  Колхозтаахтар
        уопсай  мунньахтара  ыытыллар.  Сүбэ-ама,  эрэннэрии  тыллар
        этиллэллэр.  Ол  эрээри  туруммут  дьон  уоттара  умуллубат,  аҕыс
        уонтан  тахса  бырыһыаннара  арахсарга диэн,  өрө  анньан  куолас-
        таан  кэбиһэллэр.  Оройуон  салалтата:  «Кэбис,  чэ,  араарарга»,  -
        диэн  толкуйдаан  кадрдары  сүүмэрдии  олордоҕуна,  обком  бобон
        кэбиһэр.  Иннэ  гынан  «ньим» барыы буолар.  Арыый  уохтара тах-
        сыыта,  биир-биир  киллэрэн,  райкомҥа  дьүүллүүллэр.  Михаил
        Михайловиһы партийнай тэрилтэ секретарыттан,  нэһилиэк Сове-
        тын председателиттэн устан «тас»  гыннара охсоллор.
            Үтүө  майгылаах,  көнө  сүрэхтээх  Михаил  Михайлович  угары
        барбат,  «атаҕастанным»  диэн  санарбат,  үлэтиттэн  тохтоон  хаалар.
        Кэлин  да  ыйытан  көрдөххө,  сапсыйан  эрэ  кэбиһэрэ.  Кырдьыга,
        кини  онно  сүүйтэрбитэ  суох.  Дьону  таптыырын  курдук  таптыыр,
        дюно-сэргэтэ кинини эмиэ таптыыр. Ойуур маһын курдук хаххалаах
        буолан баран,  кини туохтан куттаныай? Көнө суолуттан туораабат.
            1968  сыл  сайыныгар  Лабачааны  үрэххэ  бииргэ  оттуубут.  Бэ-
        йэбит туспа  звено  буолан.  Кини,  Л.П.  Черноградскай,  Г.Г.  Гав-
        рильев,  Е.Е.  Ябловскай,  мин  уонна  икки  оҕо.  Илиинэн  охсобут,
        илиинэн  кэбиһэбит.  Оччолорго бу үрэх сирэ оҥоһулла  илик этэ.
        Мэхээлэ төрүт үрэх сиргэ  үөскээбит буолан  оту үчүгэйдик охсо-
        ро,  хонноҕун  аһан,  киэҥник тэлэлээн,  күөгэччи  охсон  иһээччи.
        Оччолорго кини «сылайдым-элэйдим» диэн тылы төрүт да тутгубат
                                       35
   34   35   36   37   38   39   40   41   42   43   44