Page 36 - Өнөрдөр Аҕа дойду сэриитигэр. I чааһа
P. 36
ра биллибэтин эргитэ толкуйдаан көрүөҕүҥ.
Геройдуу быһыы диэн - бу аҥаардас харса-хабыра суох киир-
сии буолбатах. Геройдуу быһыы диэн бу туох ханнык иннинэ саа-
май былдьаһыктаах кэмҥэ саамай суолталааҕы, саамай наадалааҕы
оҥоруу буолар. Маны ылыныахха, М.М. Стрекаловскай - уһулуч-
чулаах хорсун быһыыны көрдөрбүт уратылаах Герой киһи.
Уус Алдан улууһун салалтата М.М. Стрекаловскайга билигин
Улуу Кыайыы 50 сылын көрсө Россия Геройун аатын иҥэрэргэ
саамай сөпкө туруорсар. Ол эрээри Михаил Михайлович Герой
аатын ылбатаҕына даҕаны, саха норуота кинини биир ньургун
буойунун быһыытынан үйэлэр тухары өйүгэр хатаан, сүрэҕэр
иҥэрэн сылдьарыгар кыратык да саарбаҕалаабаппын.
Дмитрий КУСТУРОВ,
журналист, «Саха сирэ », 1994 с.
Ырыа буолбут олох
Уон биир аҥаар саҕана, сарсыардааҥҥы үлэбин-хамнаспын
үмүрүтэн киирэн олордохпуна, остуолга турар телефонум ты-
рылыы түстэ: «Ким туох наадаҕа эрийдэҕэй»? - диэн саныы-са-
ныы, телефоммун ылабын. Нэһилиэк баһылыга Д.И. Иванов
кытга дорооболоһоот да:
- Хайа, туох сонун баар? - диэн мин урут ыйыттым быһыы-
лаах.
- Сонун бөҕө, үөрүүлээх сонун, Михаил Михайловичпыт
Россия Геройа буолбут, Ельцин илии баттаабыт. Дьон-сэргэ үөрүү
бөҕө. Хата, итиннэ дьонноргор иһитиннэрэ олор. Мин Бороҕон-
тон саҥарабын.
- Сөп-сөп! - Туруупканы уура охсобун уонна эмиэ тута эрий-
битинэн барабын. Михаил Михайлович кыыһа Катя манна баар,
үөрүүбүн этээри онно эрийэбин. Екатерина Михайловна истэ
илик эбит. Үөрэн ыһытыы түстэ: «Бу үчүгэйин!» - диэмэхтээтэ
иккитэ-үстэ. Урут иһитиннэрбит киһи буолан, улахан махталы,
баһыыбаны ылан хааллым. Аны оскуолаҕа эрийэбин, Тамара Ин-
нокентьевна:
—Истэн олоробут, — диэтэ, үөрбүт. Чэ, сөп. Ити аата дьоһун
сурах, албан аат чуораан буолан чугдааран киһи аайы иһилиннэҕэ.
Сотору уулуссаҕа тахсабын. Арай сэрии, үлэ ветерана, норуот
хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Сергеев Николай Михайлович
оҕонньор икки ытыһын тиэрэ туппутунан, бу нэлэйэн иһэр эбит.
32

