Page 37 - Өнөрдөр Аҕа дойду сэриитигэр. I чааһа
P. 37
- Дьэ, доҕоор, Михаил Михайловичпыт Герой буолла, - оҕон-
ньор үөрбүт харахтара саһарҕа уотун курдук сырдаабыт, - Дьэ, үчү-
гэй буоллубут, - диэтэ уонна өтгүк батганан кэбистэ. Уҥа атаҕын
иннин диэки бырахта, нүксүгүр бэйэтэ көммүт курдук буолла.
Оҕонньор сарсыарда сэтгэ аҥаар чаас саҕана үүтээнигэр оло-
рон, араадьыйанан истибит. Бастаан үөрбүт, онтон ону-маны са-
наан-ахтан ытаан барбыт.
- Соччо уйана суох киһи буолуохтаах этим да, кыайан тутгумма-
тым, - диир. Атын сыарҕатыгар олоро түһэн, балтараа көс сиртэн бу
бөһүөдэгэр тиийэн кэлбит, сонуну кэпсии хонтуоралаан иһэр эбит.
Михаил Михайлович балтын кыыһа Вера Петровна Атла-
сова үтүө сонуну телефонунан истибит. Хайдах эрэ соһуччута
бэрдиттэн, мах бэрдэрэн буолуо, истибитин эрэммэтэх курдук
буолбут. Араадьыйатын аһан баран, чуолкай истээри, күн аҥаара
араадьыйатын кууһан олорбут. Дьэ, истэн баран эмиэ ытаабыт.
Күүппүтүм бэрт. Кыайыы биэс уон сылыгар оҥороллоро
буолуо диэн наһаа эрэммитим, туох да биллибэтэҕиттэн олус хо-
мойбутм, - диир.
Дьэ, ити курдук көрүстүбүт соһуччу үөрүүлээх сонуну
бөһүөлэккэ. Бу үтүө сурах хас биирдии ыал дьиэтигэр эйэ холуу-
бун курдук кынатын кыптыыйдыы туттан киирэн истэ.
* * *
Мин кини олоҕун ырыа буолбут олох диэхпин сөп. Ол кур-
дук олорбут олоҕо олус дьэҥкэ, ыраас. Таптыыр кэргэн, элбэх
оҕо, үтүө суобастаах үлэ-хамнас. Киһи быһыытынан олус үөрүн-
ньэҥ дууһалааҕа. Уот ыстаммытын курдук кыраттан даҕаны олус
үөрэрэ. «Кини курдук үөрүнньэҥ буолбут киһи», - диэн мин
үгүстүк саныырым. Ол эрээри ити айылҕаттан бэриллэр сүдү та-
лаан эбит. Көннөрү күнүгэр нүксүччү соҕус тутган хаамара. От-
тон туохтан эрэ тэптэн, санаата көтөҕүллүбүт буоллаҕына, төбөтүн
өрө көтөҕөн, икки ньилбэктэрин күөрэччи тардан, иннин диэки
дьулуруччу түһэн хааман иһэр буолара. Кини үөрэрэ да киэҥ. Тус
бэйэтин эрэ олоҕунан дьолломмут киһи буолбатах этэ. Атын дьон
үөрүүлэриттэн тэҥҥэ үөрэрэ. Хайдах эрэ онтон күүс-көмө ылара.
Табаарыс, доҕор быһыытынан, экчи биир тыллаах, ыга
сыһыаннаах киһи этэ. Хайа да күҥҥэ доҕору түһэн биэрбэт этэ.
Сыыһаны туруору этэринэн уратылааҕа. Мунньахха даҕаны, тус
бэйэҕэр даҕаны. Ол иһин, баҕар, сорох дьоҥҥо сөбүлэппэт курдук
буолуо. Мэхээлэ биэс уонус сыллар эргэлэриттэн Өнөргө олохсуй-
бута. Чиҥник, силистээхтик, букатыннаахтык. Төрүт да Өнөртөн
33

