Page 40 - Өнөрдөр Аҕа дойду сэриитигэр. I чааһа
P. 40
этэ. Сааһыран эрэрэ, сэриигэ ылбыт бааһын араанньыта син таа-
йан эрдэҕэ. Сэбин-сэбиргэлин үчүгэйдик он осторо, сатыыр буо-
лан биһиэхэ көмөлөһөрө. Холобур, хотууру таптайыыга, кыраабыл
тииһин оҥорууга. Аны санаатахха, улахан өҥ сайын кэлбит эбит
буоллаҕа. Сотору-сотору ардах түһэрэ. Сороҕор хас да күн үргүлдьү
барара. Онон бугулбутун буорга мас саайа-саайа ол үрдүгэр оҥо-
рорбут. «Баҕар, уу ылыа» диэн кытыыга көтөҕөн таһаарбыт. Үһүөн
дарны наҕыл, үчүгэй оҕонньоттор этэ. Лааһар булчут буолан,
сайыны быһа тайах этин миинин иһэрпитэ. Киэһэ ахсын «сылааны
таһаарарга» диэн иккилии үрүүмкэ үрүҥ арыгыны кутара. Ол да
сөп буолара. Арыый эбиллэ соҕус буоллаҕына, Лааһар ыллыыр этэ.
Оҥостон олорон ыллаатаҕына, ырыата быстыбат. Бэйэтин «Сов-
нарком» диэн аагганара. Биһиги дьээбэлээн, сороҕор:
- Совнарком бүгүн тугу дьаһайар? - диэн ыйытарбыт. Лааһар
күлэ түһэн баран, син туох эрэ дьээбэлээҕи булан эппиэггиирэ.
Олус бэркэ сайылаабыппыт. Аҕыс уонча тонна оту туруоран киир-
биппит. «Сыл-хонук» дииллэрэ кырдьык эбит. Ити дьоннорбуттан
мин соҕотоҕун хаалбыппын уонна икки уол - билигин эдэр дьон.
1970 сыл сааһыгар миигин Өнөр биригээдэтигэр старшай би-
ригэдьииринэн аныыллар. Үлэбин тутааппын кытта аҕыйах хо-
ноот, от үлэтэ саҕаламмыта. Михаил Михайловичтыын эмиэ ыы
муннубутунан анньыһа түстүбүт. Кини окко звеновод буолла.
Сайынын от өлгөмнүк үүнэн, дьон санаата көтөҕүллүбүтэ. Ту-
рар-турбат барыта үлэҕэ, окко кыттыбыта. Биэстии хоно-хоно
декада түмүгэ иһиллэн иһэр. Ханна ким хайдах оттуура биллэ
турара. Аны санаатахха, онно эбит күөн былдьаһыыта диэн. Дьон
ходуһаҕа эрдэлээн киирэрэ, хойутаан тахсара. Колхоз от ыйдааҕы
декада түмүгүнэн, конкурс балаһыанньатынан, бастаабыт звеноҕа
улахан сылгынан бириэмийэ бэриллиэхтээҕэ. Конкурс түмүгүн
таһаарар комиссия икки звенону тэҥнээн кэбиспит этэ. Ол бы-
рабылыанньа мунньаҕар элбэх кэпсэтиини таһаарбыта. «Бу зве-
нолар оггообут отторун саҥалыы чуолкайдыахха», - диэн буол-
та. Чуолкайдааһыҥҥа Михаил Михайловичтаах звенолара быдан
элбэх оту оттоон иһэрэ биллибитэ. Кинилэр өрүү саппаастаах
гына биэрэллэрэ. Үрдүттэн үлүннэрэн иһиини, күҥдүй сыыппа-
раны эккирэтиини Михаил Михайлович сөбүлээбэт этэ. Ити сыл
кини «ыччат наставнига» диэн ааты ылбыта. Верховнай Совет Бо-
чуотунай грамотата туггарыллыбыта.
Михаил Михайлович нэһилиэк общественнай олоҕор бэрт
улахан оруоллааҕа. Саүа тахсар дьаһалларга, уураахтарга хап-сабар
36

