Page 38 - Өнөрдөр Аҕа дойду сэриитигэр. I чааһа
P. 38

тардыылаах  этэ  буолан  баран,  Бороҕоҥҥо  эппиэттээх  үлэлэргэ
        сылдьыбыта.  Кини манна лесхоз үлэһитинэн ананан  кэлбитэ.  Үс
        сыл  университекка  үөрэнэн,  икки  сыл  Тулуна  аҕыс  кылаастаах
        оскуолатыгар  учууталлаан  баран,  1965  сыллаахха  дойдум  буору-
        гар үлэлээбитим.  Михаил Михайлович оччолорго сельсовет пред-
        седателэ  этэ.  Өр  сылларга  туруорсан,  эрэй  бөҕөнөн  Бороҕонтон
        Өнөргө,  Өнөртөн  Дүпсүҥҥэ  суол  солонуута бара турара.  Сүүс ат
        күүстээх  техникалар  үлэлээбиттэрэ.  Михаил  Михайлович,  сель-
        совет  председателэ,  Өнөргө  бу  үлэни  сирэй  бэйэтинэн  турунан,
        ылынан  үлэлээбитэ.  Атынан  сылдьан,  сирин-уотун  бэрэбиэркэ-
        лээбитэ,  бэйэтэ хайгыа охсон иһэрэ,  үлэһиттэргэ остуорастыыра,
        үрдүгэр хоно сылдьан үлэлэспитэ.
            Эбэ соҕуруу өттүгэр Тыгын Дархан улахан уолун аатынан аат-
        таммыт  «Чаллаайы»  диэн  алаас  баар.  Бу  алаас  уонна  Эбэ  үрдүк
        дьирбэйинэн  быысаһан  тураллар.  Эбэ диэки  өттө туруору түһүү,
        сорох өтгө билигин да сиҥнэ турар.  Бастакы былаан быһыытынан
        бу  дьирбэйинэн  барыахтааҕа  айан  суола.  Ону  баара  дьирбэй
        оройун диэки улахан  хайдыылаах эбит.  Михаил  Михайлович ону
        көрөөт да,  тута дьонугар,  нэһилиэккэ ойутар.  Исполком  чилиэн-
        нэрин  уонна  активы  түмэ  тардар да,  түргэн  үлүгэрдик  сүбэлэһэ
        охсоллор.  Суол  барар  хайысхатын  уларытыы  буолар.  Өскөтүн
        болҕомтото  суох,  кыһаллыбат  киһи  буоллар,  ол  диэкинэн  суол
        солонон хааллын, төһөлөөх эрэйи көрүө этибитий?!  Итинэн кини
        нэһилиэк биир  эрэйин тохтотон турар.
            Этэн баран онтон төннүбэт,  экчи биир тыллаах коммунист этэ.
        Сорох дьон  курдук дьыала  ыараары  гыннаҕына,  «ньаймас»  гынан
        биэрбэт  бигэ  туруктааҕа.  Тойон,  хотун  диэн,  киһиэхэ  сирэй  көр-
        бөх  буолбакка,  хаптас  гынан  биэрбэккэ,  хайа  да  күн  сирэйинэн,
        баарынан  сылдьарын  ордорор  этэ.  Аан  иэччэҕин  курдук,  антах
        да,  бэттэх да буолуталаабат биир таһымҥа сылдьара.  Ону маннык
        түбэлтэнэн бигэргэтэбин.  Кини сельсовет исполкомун председате-
        линэн,  партийнай тэрилтэ  секретарынан  үлэлии  олордоҕуна,  рес-
        публика  үрдүнэн:  «Колхозтары  наһаа  улаатыннардылар,  салалта
        кыаҕын  таһынан  буолла»,  -   диэн  кэпсэтии  күөдьүйэр,  өрт  уотун
        курдук тилийэн көтөн,  биһиги нэһилиэкпитигэр эмиэ кэлэр.  Урут
        чөллүк  олорбут  нэһилиэк  холбоһон  баран,  олус  айгыраабытын
        сөбүлээбэккэ  аймана  түһэллэр:  «Арахсарга!» диэн  алларааттан ту-
        руорсан  бараллар.  Ол  кэмҥэ  республика  улахан  хаһыатыгар  про-
        фессор А.Е.  Мординов ыстатыйата тахсар.  Онно колхозтары наһаа
        бөдөҥсүтүү,  дьаһаллар  бытаарыыларын,  дьиҥ үлэһит дьонтон  са-
                                       34
   33   34   35   36   37   38   39   40   41   42   43