Page 52 - Нэһилиэк төһүү дьоно
P. 52

үлэ бэлиэтэ этэ. Төһө даҕаны «сыл — хонук» диэтэллэр, киһи сы-
       ратын  ылар,  үүдэһинин  эһэр  кэмнэр этилэр.  Кыайыы  кэлэрин
       эрэ кэтэһэллэрэ.  1943уонна  1945 сыллардаахха Союз Үрдүкү Со-
       ветыгар наҕараадаҕа түһэрэ сылдьыбыттара да,  ханна тиийбитэ
       буолла? Туох даҕаны тыас-уус  иһиллибэтэҕэ.
          Олоҕу өйдөөн-дьүүллээн көрдөххө, дьон ааспыты олус дөбөҥ-
       нүк  умнар  эбит.  Киһи  сүнньүнэн  күннээҕинэн  эрэ сүпсүгүрэн
       олорор. Оттон  инникини дэҥҥэ өйдүүллэр. Онудаҕаны арыый
       чөл өйдөөх өттө. Үксүгэр ытыллыбыт ымдаан курдук бэйэбитин
       тула эрийэ көтөн ахан биэрэбит. Хаарыан дадьон бааллара. Сыл,
       хонукаастаҕын аайы ол дьоммутүтүө мөссүөннэрэтуман быыһы-
       гар түспүттүү симэлийэн, өлбөөдүйэн бараллар. Ону билбэт эдэр
       ыччат тилиннэрэрэ, олоххо сыһыары тыктаран көрдөрөрө саар-
       бах. Хата, туох эмэ диэн сыыһа саҥаран иэдээннээх этиһии, үйэ-
      лээх өстөһүүтахсан хаалыан сөп курдук. Онон саастаах көлүөнэни
      үчүгэйдик өйдүүр эрэ киһи бэйэтэ эрэнэн туран суруйара сөп этэ.
          Шахтаҕа үлэлиир дьону 1945 сыллаахха Ыйаах кэнниттэн тута
      ыыппатахтара. Онон Сэмэнчикөссө хаалатүһэн үлэлээбитэ. Ха-
       йа күн  көҥүллүүллэрин  кытта дойдуларыгар сатыы түһүнэн  кэ-
      биспиттэрэ. Сэргэттэнтөлөрүйбүтсэлииксылгы курдукбүгүһүй-
      бүт, дойдуларын ахтыбьгг дьон өтөр гымматахтара — этэҥҥэ тии-
       йэн  кэлбиттэрэ. Алаастарын, эбэлэрин көрөөт, сүтэрбит ийэлэ-
      рин булбутоҕолор курдук, үөрэн чэпчиитүспүттэрэ. Сүһүөхтэрин
      үрдүгэр сылдьар эдэр дьон үлэ-хамнас үөһүгэр киирсэн барбытта-
      ра.  Сэмэнчиги «сынньана түстүн» диэн ааттаан туус балыка сы-
      һыаран үлэлэгшитгэрэ.  Бу биригээдэни  Борисов  Михаил Семе-
      нович салайара. Өнөрүнэн, Мүрүнэн, Лөгөй сирдэринэн кэрийэ
      сылдьан  бултаабыттара.  Өрүс  балыгын  тууһууллара,  булууска
      түһэрэллэрэ.  Манна сылдьан окко түспүт оҥоһуута тардан эмиэ
      бэйэтин  курдук  балык булдугар  сыһыарыллан  үлэлии  сылдьар
      Федосеева Фекла  Максимовнаны  кэргэн  ылар.
         Уодаһыннаах сэрии бүтэн дойдугугар эргиллэн, аны бэйэтин
      тэҥнээҕин кэргэн ылан, Сэмэнчик олоҕо өҥ сиргэ түспүт сиэмэ
      курдук өрө үтэн, үорүү үктэллэнэн барар. Этэргэ дылы, иэнэ сы-
      лыйбыт эдэр  киһи  сүһүөҕүн  булунна,  эрчимирэн  турда.  Алаас
      киһитин араас үлэтигэр илиитип уган үлэлээн аҕай  кэллэҕэ.
         Олох -  оонньуур буолбатах. Олоҕу тыыннаахтар айаллар, ту-
      таллар. Кини оҥоһуута уустук, ону олороп корбүттзр ойдүүллэр.
   47   48   49   50   51   52   53   54   55   56   57