Page 55 - Нэһилиэк төһүү дьоно
P. 55

«Оҕонньор тахсыбыт үһү», — диэн миэхэ Николай  Михайло-
      иич  Сергеев кэпсии тоһуйда.  Оҕонньоттор  көрсүһэ олордохто-
      руна киирэн  таҕыстым. Үөрбүттэр.  Уруккулара буоллар,  аһыы
      түһүө  эбиттэр,  билигин  ол  кыаллыбат.  Көннөрү  санааны  эрэ
      көтөҕөн. Ок-сиэ, аны хас сыл олорорбутбуоллар, бу эрэйи-муҥу
      эҥэргитинэн тыырбыт, 70-тан тахса сыл дьыл тоҥуу хаарын тоҕо
      кэспит оҕонньотторбут барахсаттар. Олоруҥ, олоро түһүҥ.  Күн
      сырдыга  күндү.


             Үлэ үүннэрбит киһитэ
         «Киһи дьиибэ баҕайы буолар эбит, — диир
      Хонооһой. — Кэнникинэн наар ааспыт олох-
      пун  санаан тахсабын.  Баҕар сааһыран  иһии
      бэлиэтэ буолуо.  Урут оҕонньоттор этэр буо-
      лаллара — кэннибит уһаата, иннибит кылгаа-
      та,  күнү-дьылы  аахсабыт — диэн.  Мин  күнү
      аахпаппын, олоро түһэр баҕа улахан бу үл үгэр
      үчүгэйгэ, көҥүлгэ».
         Итинник саҕаламмыта Афанасий Андрее-
      вич  биһикки  кэгтсэтиибит.  Мин,  бу  киһини
      кыра эрдэхпиттэн билэр буолан, олус истиҥник саныыбын. Эҥин
      эрэйдээх сыллар араастаан  эрийбиттэрэ-мускуйбуттара буолуо
      да, Хонооһой билигин да сылбырҕатык туттар. Үлэтин-хамнаһын
      ыһыкта илик. Ойон турда да, от охсо, мас кэрдэ, дьиэ тута эбэтэр
      муус  анньа барар  кыахтаах. Дэлэҕэ  этиэ дуо,  «үс хонукка үлэ-
      лээбэккэ олордохпуна устунан ыаддьан барыах курдукпун» диэн.
         Мин саныыбын ээ, бу кини курдук дьон баар буоланнар ман-
      нык олоххо  кэллэхпит диэн.  Ханнык да эҥкилэ суох  наар  үлэ
      туһунан санаан олорордьон баар  буолан. Бу Хонооһой харытын
      күүһэ сут дьылларга элбэх киһини ииппитэ буолуо.  Кини охсу-
      бут, кэбиспит ото элбэх ыал хара чэйин үүттээбитэ буолуо. Ону
      билигин хайа бэйэлээх ааҕан, чахчы маннык диэн көрдөрөн-иһи-
      тиннэрэн биэриэ баарай? Сорох ыччат өссө сымыйаргыах эҥин
      курдук тутталлар.  Уруг барыта баара,  онно  күөлэһийэн  кэлбит
      курдук өйдүүллэр.  Өссө эбиитин «улугуруу оҕонньотторо» диэн
      сирэй-хараханньарбуоллахтараүһү. Ким улугуранутуйасыппы-
      та баарай?!
   50   51   52   53   54   55   56   57   58   59   60