Page 57 - Нэһилиэк төһүү дьоно
P. 57
харахтарыттан сырдык уу тахсан иэдэһин устун сүүрэрэ. Дьол-
ломмут ийэ долгуйбут үөрүүтүн ол курдук биллэрэрэ. Хонооһой
өлөрбүт куобаҕын арай билигин мунньан буоллар, чахчы киһи
хараҕа халтарыйан бэркиһиэ этэ.
Дорообо, ХонооНой — Аччыгый Оҕо,
Хантан иһэҕин бу, дьондоччу туттан?
Кэл, олор, кэпсэтиэх ирэ-хоро
Үлэбит да, олохпут да туһунан.
Саха дьиэтэ модъу баҕаналаах,
Модьу-таҕа эмиэ тулааһына,
Нэһилиэк үтүө үлэһит дьонноох —
Кинилэр буолаллар дойду тулааһына.
Мин эйигин ымсыыра көрөбүн,
Ымсыыра көрөн таптаан барабын,
Ытыһы/г иһигэр үлэ мөхсөрүн,
Үлэ мөхсөн илистэ быһыытыйарын.
Көрөбүн сулламмыт тиит сотоҕун,
Хастаммыт тиит курдук кырыылаах харыгын,
Ол иһин да буоллаҕа бэл соҕотоҕун
Ханнык да үлэни оҕо курдук тутаҕын.
Мин эйигин билэбин ыстаан сыгынньах
Ытыы-ытыы эккирэтэр эрдэхтэн,
Эн улахаҥнын да, Аччыгый аатыран
Кэллик саха киһитин сэмэй сиэринэн.
Сайыҥҥы күн хойутаан, бытааран тахсар,
Киэһэтин түргэтиир сынньана охсоору,
Эн хотууруҥ улам тиэтэйэр-саарайар
От арыый өлгөмүн охторо охсоору.
Дорообо, Хонооһой — Аччыгый Оҕо,
Хантан иһэҕин бу, дьондоччу туттан ?
Сулус курдук эбит киһи олоҕо —
Сырдаан көстөр тугу оҥорбутунан.
Бу олорон санаатаҕына, бэйэтин олоҕун туһунан урут хаһан
да өйдөөн көрөн сылыктаабатах. Маннык дьиэ-уот тэринэн ки-
һи-сүөһү төрдө-ууһа буолуом диэн өйдөебөтөх-санаабатах эбит.
Хайдах эрэ барыта киминэн эрэ булгуччу ыйыллыбыт-оҥоһуллу-
бут курдук, маннык буоллун, итинник буоллун диэн барытын
ким эрэ тэрийбитин курдук.

