Page 18 - Сэрии кэмин оҕолоро 2 кинигэ
P. 18

МҮРҮ нэһилиэгэ

                               Бурнашева Октябрина Гаврильевна

                                      Мин  1944  сыллаахха  сэтинньи  13  күнүгэр  Лөгөй  нэһилиэ-
                                   гэр Томторго төрөөбүтүм.  Ийэм  Заболоцкая  Мария  Васильевна
                                   Тандаттан  төрүттээх.  Аҕам  Бурнашев  Гаврил  Иванович  Лөгөй
                                   нэһилиэгиттэн төрүттээх.  Сэрии  ыар кэмнэригэр төрөөбүт буо-
                                   ламмын,  сүрдээх  ыарыһах  этим:  наар  балыыһаҕа,  тубсанато-
                                   рийга эмтэнэрим, оччолорго наһаа элбэх оҕо санаторийга эмтэ-
                                   нэллэрэ.  Оҕо сааһым Томторго ааспыта,  дьонум  сэрии туһунан
                                   кэпсииллэрин  истэр  этим,  ас-таҥас  тиийбэтэ,  биир дьиэҕэ  хас
                                   эмэ  ыал дьукаах олорор  этибит.  Бары  эйэлээх баҕайытык оло-
                                   рорбут.  Кырдьык,  оонньооботох  оҕо  сааспын  улаханнык  өй-
                                   дөөбөппүн,  наар  иһит сууйан,  оһох  оттон  дьоммор  көмөлөһөр-
                                   бүн  өйдүүбүн.
              Наар балыыһаҕа эмтэнэр буоламмын, оскуолаҕа хойутаан киирбитим. Кэнники киэ-
           һээҥҥи оскуолаҕа үөрэнэн 8 кылааһы бүтэрбитим.
              1967—1968  сс.  сиэстэрэ  куурса  аһыллан,  онно  үөрэммитим.  50  сыл  сиэстэрэлээн,
           рентген-лаборанынан үлэлээн 2015 сьштан биэнсийэҕэ  олоробун.  СӨ доруобуйаҕа ха-
           рыстабылын  туйгунабын,  үлэ  бэтэрээнэбин.  Үс  оҕолоохпут,  бары  үлэһиттэр,  5  сиэн-
           нээхпит.  Үөрэхтэрин бүтэрэн баран үлэлии сылдьаллар,  икки хос сиэннээхпит.



                                  Бурнашева Розалия Васильевна

                                      Розалия  Васильевна  1935  сыллаахха  алтынньы  30  күнүгэр
                                   Нам оройуонун Хомустааҕар төрөөбүтэ.  Покровскайтан кийиит
                                   буолан,  Уус  Алдан  оройуонугар  олохсуйан,  4  оҕону төрөтөн,  7
                                   сиэн,  7 хос сиэн тапталлаах эбэтэ.  Райпо систиэмэтигэр 20-тэн
                                   тахса сыл үлэлээбитэ.  Ол иһигэр  15  сыл биэкэрдээн нэһилиэн-
                                   ньэни  килиэбинэн  хааччыйыыга  үтүө  суобастаахтык  үлэлээн,
                                   элбэх махтал суруктарынан, грамоталарынан наҕараадаламмыта.
                                   Үлэ,  тыыл  бэтэрээнэ.  2020  сылга  алтынньы  30  күнүгэр  85  саа-
                                   һын томточчу туолбута.









                                    Бурцева Мария Тимофеевна

                                      Мин  1944  сыллаахха  сэтинньи  17  күнүгэр  «Чагдаайы»  хол-
                                   куос  Илин Хочо диэн  кытыы  учаастагар холкуостаах дьиэ  кэр-
                                   гэҥҥэ күн сирин көрбүтүм.
                                      Аҕам Тимофей  Иванович  Гуляев,  холкуос  кадровай  булчута,
                                   ийэм Анастасия Харитоновна,  субай сүөһү көрөөччү,  кэлин ас-
                                   чыт  этилэр.  Сайынын  аҕабытын  көрбөт  да  этибит:  ыһыы  үлэ-
                                   тэ,  от үлэтэ,  сиэмэ хомуура,  кыһынын булт.  Ийэбит да бастаан
                                   ыһыыга,  окко сылдьар этэ,  кэлин сүөһүгэ көспүтэ.  Сэрии бүп-
                                   пүтүн да кэннэ ас,  таҥас  кырыымчык этэ.  Биһиги  аҕабыт бул-
                                   чут буолан кэм  аччыктыыры  билбэтэхпит.  Эҥээрдэһэн олорбут
                                   дьонун  кытта тэҥҥэ  үллэстэн,  биир дьиэ кэргэн  курдук аһаан-
                                   сиэн  махтаналлар этэ.



                                                        14
   13   14   15   16   17   18   19   20   21   22   23