Page 183 - Сэрии кэмин оҕолоро 2 кинигэ
P. 183
II ӨСПӨХ нэһилиэгэ
буолар этэ. Сайыҥҥы өттүгэр тыаттан амынньыкы диэн хаппыт мутуктары хомуйан
аҕалан уот оттунарбыт.
Билиҥҥи оҕолорго саамай баҕарарым диэн үөрэҕи үчүгэйдик ситиһиҥ. Элбэх би-
лиилээх үлэһит буолан тахсарга эрдэттэн бэлэмнэниэххэ наада. Билигин үөрэх дэ-
лэйдэ, үөрэхтээх киһи дэлэйдэ, үлэ да көстөрө уустугурда. Онөн сүрэхтээх, билии-
лээх-көрүүлээх киһи эрэ үлэлиир үйэтэ кэллэ. Үчүгэй үөрэхтээх буоллаххытына, үлэ
көстүөҕэ, мөлтөх буоллаххытына, үлэ көстөрө уустук. Билигин араас үлэни булуохха
сөп, сатабььчлаах дьон харчыны өлөрөллөр. Барыны бары сатыырга үөрэниэххэ, сүрэх-
тээх буолуохха наада.
С эт и н н ьи , 2 0 1 9 сы л, Д ы гд а а л
(90 сааһыгар 11-с кылаас уөрэнээччилэригэр биэрбит видео-ахтыытын сурукка түһэрии)
Готовцева Екатерина Петровна
11-с кылаас үөрэнээччилэригэр суруга
Марина, Вика дорооболоруҥ! Бырастыы гыныҥ, мин эһиэхэ сэрии, сут, кураан сыл-
ларга биһигини аһаппыт, таҥыннарбыт куобаҕым барахсан туһунан кэпсээбэтэхпин.
Биһигини барыбытын даҕаны куобах баар буолан өрүһүйэн, бары да сааһырыахпыты-
гар диэри олордохпут. Этин сиэбиппит ордугун саамай абыраллааҕа тириитэ буолбута.
Тириитин хатаран, имитэн, сирийэн таҥас оҥостон кыһыҥҥы тымныылары этэҥҥэ
туораан кэллэхпит. Бэргэһэбит, үтүлүкпүт иһэ, куллукабыт барыта куобах тириитэ
буолан тоҥмокко, үлүйбэккэ тыыннаах хааллахпыт. Өссө суорҕаммыт эмиэ куобах ти-
риитэ буолара. Онон куобахха улаханнык сүгүрүйэбин, махтанабын. Эһиги, оҕолор,
эмиэ ону үчүгэйдик өйдөөҥ!
Чэ оҕолор, мэлдьи бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьыҥ! Барытыгар үрдүк ситиһиини,
доруобуйаны, дьоллоох олоҕу баҕарабын Е.П. Готовцева. Сэтинньи, 2019 сыл.
Е к а т ер и н а П ет р о вн а 7 к ы л а а с кэн н и т т эн Д ь П У -н у уөрэн эн б ут эр б и т э. Х о л к уо ск а
о ҕ ур у о к к а , о к к о үл эл ээби т э. У чилищ еҕа ки и ри эн иннинэ 2 сы л х о л к уо ск а а р а а с ү л эҕ э у л э -
л ээб и т э. 1 952 с. Д ь о к у у с к а й д а а ҕ ы педучи лищ ены б ү т эр эн ба р а н Ч араҥ ай га, Ч эр и к т эй гэ,
Ө сп өххө н ач аал ы н ай к ы л а а с уч уут а л ы н а н үл эл ээби т э.
1 9 4 7 с. « 1 9 4 1 — 1 9 4 5 сс. А ҕ а д о й д у сэри и т и н к эм и гэр к и л б и эн н ээх улэт и н иһин» м э т э э -
лин эн н а ҕ а р а а д а л а м м ы т а . К ы айы ы 3 0 , 40, 50, 6 0 сы ллары нан у б ү л у ө й у н эй м эт ээл л эр д ээх .
2 0 0 9 с. « У ч уут ал лар уч уут а л л а р а » бэли эн эн н а ҕ а р а а д а л а м м ы т а . П ед а го ги ч еск а й ул э, т ы ы л
б эт эр ээн э. Н эһ и ли эк Б о ч уо т т а а х олохт ооҕо. 3 оҕолоох, эл б э х си эн н ээх, х о с си эн н эрдээх.
Готовцева Елизавета Ивановна
Елизавета Ивановна 1933 с. муус устар 2 күнүгэр Саккырыыр
оройуонун Ыал Уһуга диэн сиргэ төрөөбүт. Төрөппүттэрэ Иван
Николаевич, Екатерина Ивановна «Үүнэр олох» холкуос тэрил-
либитигэр чилиэнинэн киирбиггэрэ. Кинилэр 4 оҕолоруттан 3
баар. Үлэ, тыыл бэтэрээнэ, нэһилиэк, улуус бочуоттаах олохтоо-
ҕо Николай Иванович, Елизавета Ивановна Өспөххө олорол-
лор. Петр Иванович пенсионер-учуутал Дьокуускайга олорор.
Елизавета 1 уол оҕолоох. Уола Иван эмиэ Дьокуускайга олорор,
үлэлиир.
Готовцева Е.И. 1941 с. Өспөххө 1 кылааска үөрэнэ киирэн
төрдүһү бүтэрэр. Салгыы Найахы 7 кылаастаах оскуолатыгар
үөрэнэн 7 кылаас үөрэхтээх. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан сайы-
нын оҕуруокка: хаппыыста, моркуоп, табах, хортуоппуй сыыһын ыраастааһыныгар, уу
179

