Page 185 - Сэрии кэмин оҕолоро 2 кинигэ
P. 185
II ӨСПӨХ нэһилиэгэ
күүстээх этэ. Ас-таҥас мэлийбитэ, барыта карточнай систиэмэ
буолбута. Ыйга гүөрт киилэ хара бурдук, хаһаайыстыбаҕа 250
грамм чэй, биир хаа испиискэ бэрихтэрэ. Чааһынайдарга, биир-
икки кэтэх сүөһүлээхтэргэ нолуок арааһа түһэрэ, сүөһүгүн
көҥүлэ суох бэйэҕэр сиэппэттэрэ. Оччотооҕу холкуос оҕоло-
ро, саас үөрэнэн бүттүбүт да, улахан дьону кытта тэбис-тэҥҥэ
күрүө-хаһаа тутуутугар, мас таһыытыгар, окко киириэххэ диэ-
ри тыаҕа тахсан саһаан эрбээһинигэр үлэлиирбит. Улахан буол,
кыра буол сүүс кууп саһаан былаанын биэрэллэрэ, салгыы уһун
сайыны быһа окко үлэлиирбит.
1943 сыл ахсынньыга ССРС Совнаркомун бэрэссэдээтэлэ
Иосиф Виссарионович Сталин ҥтии баттааһыннаах уураах тах-
сар. Ол уураах быһыытынан хотугу норуоттар түөлбэлээн олорор сирдэриттэн, олох-
тоох аҕыйах ахсааннаах омуктартан сэриилэһэ турар Кыһыл Аармыйаҕа инникитин
дьону ыҥырыллыа суохтаах диэн. Бу омуктартан сэриигэ аҕыйах да саллаат өллөҕүнэ,
бу омуктар букатын да эстэн хаалыахтарын сөп диэн буолбута. Ол иһин аҕыйах ах-
сааннаах норуоттар И.В. Сталины таҥара курдук көрөллөрө үһү, онон былыргы биһи-
ги Саккырыыр оройуоммутуттан аармыйаҕа ылыы суох этэ. Биирдиилээн тылланан
барыы баара, холобура Сэбээн Күөлтэн Кейметинов Николай Афанасьевич, Сиэгэн
Күөлтэн Кривошапкин Семен Прокопьевич барбыттара.
Сэрии ыар кэмнэригэр Саккырыыр оройуонун Ламынха нэһилиэгин Киров аатынан
холкуоһун орто дойдуттан барыар диэри аҕам бииргэ төрөөбүт быраата Готовцев Нико-
лай Николаевич салайан биир да сүөһүнү энчирэппэккэ, киһини аччыктаппакка үлэ-
лээн олорбута. «Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат» диэн девиһинэн салайтаран
бокуонньук Готовцев Николай Николаевич үлэлээбит сиригэр Сиэгэн Күөлгэ кини
хаһан, ханна үлэлээбитин суруйан туран, ыраах-чугас аймахтара түмсэн бэтэрээн-
нэр аллеяларыгар үйэлэр тухары турар стелланы быйыл күһүн туруордулар. Бу буолар
чахчы үлэлээбит дьону үйэтитии, чиэстээһин.
Мин Сиэгэн Күөл алын сүһүөхтээх оскуолатын 1945 сыллаахха бүтэрбитим. Ыал
улахан оҕото буоламмын, ийэбэр көмөлөһөр сыалтан балтыларбын үөрэттэрээри
үөрэнэн бүппүтүм. Балтыларым иккиэн үрдүк үөрэҕи ситиһиилээхтик бүтэрбиттэрэ.
1949 сыллаахтан төрөөбүт холкуоспар бороон сүөһү көрөөччүнэн, онтон ыанньыксы-
тынан үлэлээбитим. 1956 сыллаахха ыам ыйыгар Уус Алдан улууһун Өспөх нэһилиэ-
гин Чүүйү уолугар Румянцев Дмитрий Яковлевичка (атыылааччы Миитэрэйгэ) кэргэн
тахсан Өспөххө көһөн кэлбитим. Манна маҕаһыын харабылынан үлэҕэ киирбитим,
онтон 1958-1963 сс. Найахы нэһилиэгэр оскуолаҕа остуораһынан, детсадка пова-
рынан үлэлээбитим. 1963 сылга кэргэним үлэтинэн төттөрү Өспөхпүтүгэр көһөн кэлэн
маҕаһыыҥҥа остуораһынан бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыахпар диэри үлэлээбитим.
Нэһилиэк общественнай олоҕор, араас тэрээһиннэргэ, кэнсиэртэргэ көхтөөхтүк кыт-
тарым. Балалайкаҕа оонньуурбун, иистэнэрбин олус сөбүлүүбүн.
Ыал буолан 6 оҕо күн күбэй ийэтэ, аҕата буолбуппут. Кэргэним 2004 сыллаахха ах-
сынньы 18 күнүгэр 81 сааһыгар ыалдьан олохтон туораабыта.
Мин билигин Дьокуускай куоракка олорбун, 9 сиэннээхпин, 17 хос сиэннээхпин.
Наҕараадаларым: «Үлэҕэ килбиэнин иһин» мэтээл (1996), «Ийэ буолуу» мэтээл II
степенэ, «Үлэ бэтэрээнэ» мэтээл (1984), Кыайыы үбүлүөйүнэй мэтээллэрэ, 1995 сыл-
тан тыыл бэтэрээнэ. 2005 сылтан Өспөх нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо.
181

