Page 186 - Сэрии кэмин оҕолоро 2 кинигэ
P. 186

II ӨСПӨХ нэһилиэгэ

                                 Дьяконов Анатолий Афанасьевич

                                       Орто  оскуоланы  Бороҕоҥҥо  бүтэрбитэ.  Тбилиси  куорак-
                                    ка  физкультура  институтун  бүтэрэн,  21  №-дээх  СПТУ-га  уһун
                                    кэмҥэ  физкультура  учууталынан  үлэлээбитэ.  1978  с.  Колы-
                                    мо-Индигирскэй  авиаотрядка  бортоператорынан  үлэлээбитэ.
                                    Араас тииптээх ИЛ-14, АН-24, АН-26 сөмөлүөттэргэ көтөн, уус-
                                    тук да,  кистэлэҥ да көтүүлэргэ  кыттыыны  ылаттаабыта.
                                       Полярнай  авиация,  физкультура  уонна  спорт  бэтэрээнэ,  СӨ
                                    булчуттарын  союһун  бочуоттаах  чилиэнэ,  самбоҕа,  хапсаҕайга
                                    спорт маастара,  көҥүл тустууга  маастарга кандидат,  остуол тен-
                                    ниһигэр  1-гы разрядтаах.


                                     Егоров Максим Артамонович

                                         ( Сиэнигэр  анаан  суруйбут  ахтыыта)

                                       Эһэҥ — мин — Егоров Максим Артамонович 2-с Өспөх нэһи-
                                    лиэгэр Арҕаа Уҥуор  Үчүгэй  Үрэх диэн сиргэ  1937 с.  ыам  ыйын
                                     15 күнүгэр төрөөбүтүм.
                                       Оҕо сылдьан өйдүүрүм диэн: дьиэ айаҕар ыйанан  турар эһэм
                                    Уйбаан  оҕонньор  иитиилээх  саатын  күүлэ  баҕанатыттан  ылан
                                    чыыбыһын  төлө  тардан  эспиппин,  дьиэ  кэннигэр  саспыппын
                                    туппуттара.  Эһэм суох буолбутугар оҕус сыарҕатыгар тиэйэн  ил-
                                    дьэ барбыттара.  Өлбүтүн  кэннэ тымтайга  үрэх устун  балык сүгэ
                                    сылдьарын  көрөн  баран,  оҕолорго  көрдөрбүппүн  —  кинилэргэ
                                    көстүбэтэҕэ.
                                       Дьоммут сэрии  кэмигэр  бурдук кэмчи  буолан,  үксүн  балык-
                                    тыыллара,  куобаҕы  бултаан,  хомуур  хомуйаллара,  Онон  сайы-
            нын  син  тото  аһаан  ыларбыт.  1944  с.  аҕам  биригэдьиир  буолан  Алыһардаахха  көһөн
            кэлбиппит.  Ийэм  холкуоска  ыанньыксыттыыра.  Бэрэҕэ  сайылаабыппыт.  Мин  аҕабар
            өйүө  сүгэн  илдьэрим.  Онно  суолга  кырдьаҕас  сааҕа  буруолуу  сытар  буолара,  бэйэтин
            көрбөт этим, саһара буолуо. Биирдэ эдьиийбинээн Фаиналыын киэһэ Бэрэҕэ баран ис-
            тэхпитинэ,  эһэ атаҕын тыаһа иһиллэ-иһиллэ сүүрэн барбыта. Ол саас бастакы чөккөй-
            бүн  өлөрбүтүм.  32  калибрдаах саанан  аҕам  ачаах  оҥорон  биэрбитигэр  уура-уура  ытар
            этим.  Биирдэ  икки  хаас  көтөн  кэлбитин  сыыһан  кэбиһэн  хомойбутум,  бука  буулдьам
            кэннинэн барбыта буолуо, саам да уоһа халыҥа,  ыарахана бэрт этэ.
               Аҕыс сааспар от мунньуутутар, сиэмэ хомуйуутугар сылдьарым, түүтэх баайар буол-
            бутум, биир аты түөрт буолан  мэҥэстэр этибит (онон  холоон да дьон буоллахпыт буо-
            луо). Уон биир сааспар үөрэнэ кэлэн баран, таҥнар таҥаһым умайан (убайым ампаара)
            хаалан  төннүбүтүм,  ол  кыһын  холкуос  сүөһүтүгэр  ойбонньут буолбутум  уонна  суолга
            сүөһү сааҕын  ыраастыыр үлэлээҕим.  Ити  1948-49 сс.  кыһына этэ.  Итинтэн  ыла сайын
            үөрэх  кэннэ  күһүҥҥэ  диэри  үлэ  бөҕө.  Уон  биэс  сааспар  от  оҕустарааччы  буолбутум.
            Уон түөрт сааспар от мустарааччы  этим.
               Мин  оҕо  сааһым  итинник  ааспыта.  Сэрии  сылын  оҕото  буолан,  хара  үлэни  сатаан
            үлэлииргэ, толорорго такайылыннаҕым дии.












                                                        182
   181   182   183   184   185   186   187   188   189   190   191