Page 188 - Сэрии кэмин оҕолоро 2 кинигэ
P. 188
II ӨСПӨХ нэһилиэгэ
Сэрии бүттэ диэн дьон кэдитэдээн барбыта. Мин аҕам хойут
кэдбитэ, убайдарым сэрииттэн төннүбэтэхтэрэ. Аҕам кэяэн ба-
ран биригээдэ араас үлэтигэр үлэлээбитинэн барбыта.
Сэрии саҕана кураан буолан, от, бурдук мөлтөхтүк үүммүтэ.
Биһиги сайынын окко, бурдукка үлэлэһэр этибит. Бурдук суох
буолан, кутуйах хасааһын булан, хатаран, суорунаҕа бурдук
оҥорон лэппиэскэлээн сиир этибит. Улахан дьону кытта тэҥҥэ
үлэлиирбит. Күһүн оскуолаҕа үөрэнэ барыахпыгыгар диэри
үлэлэтэр этилэр.
Биһиги холкуоспут кыра холкуос этэ. Кэлин өрүс бэтэрээ өт-
түгэр баар холкуоһу кытта холбоон, Стачин аатынан холкуос
буолбуппут. Мин оскуолаҕа П-с Өспөххө уонна Найахыга тахсан
үөрэнэн, онтон Дүпсээҕэ орто үөрэҕи бүтэрбитим. Тута үөрэххэ барбатаҕым, 2 сыл
производствоҕа үлэлээн баран үөрэххэ киирбитим. Томскайга 3,5 сыллаах зооветтех-
ник үөрэҕин бүтэрэн үлэһит буолбутум.
Дьонтон итэҕэһэ суох үлэлээн биэнсийэҕэ тахсан олоробун. Сиэр быһыытынан кэр-
гэн тахсан, 4 уол оҕолоохпун. Үс уол үрдүк үөрэҕи бүтэрэн үлэлии сылдьаллар, биир
уол дэриэбинэҕэ араас үлэлэргэ сылдьар. Бары ыаллар, оҕолоохтор. Бары биир ыал
курдук иллээхтик олоробут.
2 0 1 7 сыл к ул ун т ут а р 2 3 к у н э
Ильина (Сутакова) Светлана Захаровна
Мин 1944 сыллаахха төрөөбүтүм. 1962 сыллаахха Дүпсүн орто
оскуолатын бүтэрэн, саҥа оҕо саада аһыллыбытыгар иитээч-
чинэн киирбитим. Итинник саҕаламмыта мин үлэм кэрдиис
кэмэ.
Манна үлэлии сылдьан, комсомольскай тэрилтэ сэкирэ-
тээрэ этим. Биһиги бары эдэр, эрчимнээх, 10-с кылааһы биир-
гэ бүтэрбит оҕолор этибит: Коля Ильин, Лиза Ильина, Алеша
Румянцев, Таня Румянцева уонна мин. Олох күөстүү оргуйбута.
Уус-уран самодеятельность бэркэ үлэлээбитэ. Ол курдук, Коля
баянныыр, ыллыыр, Алеша ыллыыр, мин үҥкүүлүүбүн, үгүс
инсценировкаларга кыттарбыт. Бу бириэмэҕэ Өспөххө элбэх
киһи ыраахтан-чугастан кэлэн олохсуйбуттара, онон бөһүөлэк
тигинии түспүтэ.
1965 сыллаахха Илин-Сибиирдээҕи культура институтугар үөрэнэ киирбитим.1968
сыллаахтан күн бүгүнүгэр диэри НВК-ҕа үлэлиибин. Мин манна үлэбин тэлэбиидэн-
ньэ студиятын дикторынан саҕалаабытым, кэлин араадьыйаҕа режиссерунан көспүтүм.
1992 сылтан 2006 сылга диэри кылаабынай режиссерунан үлэлээбитим. Манна даҕатан
эттэххэ, саха дьахталларыттан бастакынан араадьыйаҕа режиссердуубун.
Үрдүк категориялаахпын. Россия Сойууһун суруналыыстарын чилиэнэбин, Аан
дойдутааҕы «Останкино-94» диэн радиоспектакль бэстибээлин дипломанабын, «Кыһьп
көмүс бөрүө» лауреатабын, ССРС ТВ уонна РФ ТВ туйгунабын, Россия бочуотунай ра-
диһабын, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэбин. 2009 с. «За вклад
в журналистику» бэлиэнэн наҕараадаламмытым.
2 0 1 5 с.
184

