Page 187 - Сэрии кэмин оҕолоро 2 кинигэ
P. 187

II ӨСПӨХ нэһилиэгэ

                                   Егорова Анна Иннокентьевна

                                      ( Сиэннэригэр  анаан  суруйбут  ахтыыта)
             Бээрийэ  нэһилиэгэр  1938  сьилаахха  кулун  тутар  29  күнүгэр
          таҥара  дьиэтигэр  күн  сирин  көрбүппүн.  Аҕам  Васильев  Ин-
          нокентий  Степанович,  ийэм  Васильева  Елена  Софроновна.
          Биһиги бииргэ төрөөбүттэр 4 оҕо этибит.  Ийэбит төрдүс оҕотун
          оҕолоноору  өлбүтэ.  Биһигини  —  3  оҕону,  Уйбаан,  Хабырылла
          диэн  оҕонньоттор  көрбүттэрэ.  Миигин  1942  сыллаахха  убайым
          Сүөдэр  сэриигэ  барарыгар  ырааҕынан  аймахпар  Маайа  Васи-
          льеваҕа  Бороҕоҥҥо илдьэ киирбитэ. Аҕам эппит этэ.  Ол  ыаллар
          оҕолоро  суох  үһү.  Миигин  аҕата  сэриигэ  барбыт диэн  детсадка
          ылбыттара.  Дьиэлэрэ детсадтан  суол  туорааһына  этэ.  Сарсыар-
          да  илдьэллэр.  киэһэ  ылаллар. Детсадка бииргэ сылдьыбыт оҕом
          Рублев  Гриша.  Ийэтэ  остолобуойга  повар  этэ.  Миэхэ  булочка,
          хара килиэп, лэппиэскэ бэрсэр этэ.  Бу ыалга баран сыыр үрдүгэр оонньуур этибит.
             Детсадка өйдөөн хаатбытым диэн, сэрии оҕото диэн уһун  шарфик биэрбиттэрэ.  Ону
          баайалларын  сөбүлээбэт этилэр.
             Кыайыы күнүгэр  1945 сыллаахха аҕам сэрииттэн кэлбитэ.  Миигин ьыбыта. Райоҥҥа
          бухгалтерынан  үлэҕэ  киирбитэ.  Кыра  хос  биэрбиттэрэ,  оһоҕунан  оттуллар  этэ.  Аҕам
          миигин  хоонньугар  илдьэ  сытара.  Сайын  бэс  ыйыгар  ыһыах  ветеринардар тастарыгар
          улахан  ырааһыйаҕа  буолбута.  Аҕам  миигин  бэлисипиэдигэр  олордон  ҥтдьэ  барбыта.
          Томторукка,  ыаҕайаҕа,  саламаҕа ымсыырбыппын  өйдүүбүн.
             Аҕам  1946 с. кэргэн ылбыта. Соҕотох этим.  Икки оҕону икки сыл буолан баран иитэ
          ылбытгара.
             Кыра кыратык хара килиэп, саахар биэрэр этилэр, арыы диэн суоҕа.  Ийэбит иистэн-
          ньэҥ буолан, американскай саахар куулунан быысыпкалаан  куопта, сыттык хаата, түн-
          нүк  сабыыта  тигэр  этэ.  Дьоҥҥо  иистэнэн,  бурдук,  аптекаттан  бачык  сыатын  ылара.
          Хара  килиэби онно уган  сиирбит.  Билиҥҥи  мас  арыытын  курдук этэ.
             Мин  оскуолаҕа  хойутаан  киирбитим.  Бороҕоҥҥо  сөмөлүөт  кэлбитигэр  бары  кутта-
          нан орон анныгар саспыппытын өйдүүбүн, ол саҕана дьарапалаан диир этилэр.  Оскуо-
          лаҕа үөрэнэ сылдьан  хотоҥҥо тахсар этим.  Оһохпутун маһынан оттор этибит.  Быраап-
          пынаан  ачаах  маска  ууран  эрбиир,  хайытар  этибит.  Онон  хара  үлэттэн  куттаммакка,
          хаар күрдьэ,  уу баһа,  муус  киллэрэ үөрэммитим.
             Үлэ диэн дьол.  Сүрэҕэлдьээбэккэ үлэлиэххэ эрэ  наада.  Үлэттэн  куттаммаккка,  хайа
          баҕарар үлэҕэ ылсан  истэххэ,  үлэ кыайтарар.
             Билиҥҥи оҕолор үөрэниэхтэрин баҕарабын. Сиэннэрим, үһүөн үөрэххитигэр кыһал-
          лан  үөрэниҥ.  Элбэхтик  кинигэтэ  ааҕыҥ.  Кинигэ  аһыныгас,  өйдөөх  буоларга  үөрэтэр.
          Мин  кинигэ ааҕарбын таптыыр этим.  Сороҕор ытыы-ытыы  ааҕарым.
                                                                                          0 5 .0 2 .2 0 1 5   с.


                                      Ефимова Анна Егоровна

             Аан  дойду  үрдүнэн  дьон  олоҕун  аймыыр  сэрии  буолбута.  Ол  кэмҥэ  мин  биэстээх
          оҕо  этим.  1941  сыллаахха  аҕам  бииргэ  төрөөбүт  бырааттарын  сэриигэ  бэбиэскэлээн
          ылбыттара.  Аҕам  соҕотох  хаалбыта.  Сэрии  бүтүөн  аҕай  иннинэ  аҕабын  эмиэ  ыҥыр-
          быттара.  Аҕам  барбытын  кэнниттэн  сыл  буолан  баран  оскуолаҕа  үөрэнэ  киирбитим.
          Ол  саҕана  таҥас  суох  буолан,  миэхэ  американскай  куултан  ырбаахы  тигэн  кэтэрдэн
          оскуолаҕа  киирбитим.  Оскуолаҕа сурук  суруйарга  кумааҕы  суох буолан,  эргэ  кинигэҕэ
          суруйар эгибит.


                                                      183
   182   183   184   185   186   187   188   189   190   191   192