Page 295 - Сэрии кэмин оҕолоро 2 кинигэ
P. 295
IХОРО нэһилиэгэ
олоҕу олорбут, элбэх холобуру ылар ыаллара. Аҕа баһылык Михаил Михайлович үлэ-
тигэр, олоҕор ситиһиитин үгүс элбэх наҕараадалар кэрэһилииллэр. • .
К.Г. Бурцева, улэ б эт эр ээн э
Ч а р а к б ө һ ү ө л эгэ
2 0 2 0 с.
Матвеева Анна Петровна
Мин төрөөбут дойдум Уус Алдан оройуонун 2 Байаҕантай
нэһилиэгин Тандагы үрэҕэ. Тиит Арыыттан 13 км үөһэ бардахха
«Пятилетка» диэн холкуос баара. Ийэм, аҕам, абаҕам бу холкуос
үлэһиттэрэ этилэр. Холкуос тарбахха баттанар бэрт аҕыйах ыал-
лаах этэ. Эдьиийдэрим Ылдьаана, Маайыс, 14, 13 саастаах кыр-
гыттар, бу холкуоска ыанньыксыттыыллара. Бииргэ төрөөбүт ол
саҕана алтыа этибит. Аҕабыт, абаҕабыт сүрдээх булчут этилэр.
Онон булдунан аһаан-сиэн олорбуппут.
Ол олордохпутуна, «Сэрии буолбут» диэн сураҕы истээт,
дьон-сэргэ уйулҕата уйгуурбута. Өр-өтөр буолбатаҕа, дьоммут
эдэр, сэнэх өттүлэрин барытын сэриигэ ылатгаан испиттэрэ.
Бэбиэскэ кэллэ да, хонук хоннорбокко, күн өрөппөккө ылан
испиттэрэ.
Соһуччута да бэрт буолуо, хаалааччылар да, барааччылар да наһаа аймаммыттара,
ытаһыы-соҥоһуу иэдээн этэ.
Бу сэрии дьон сүрэҕэр баас буолан хаалан, кэлин сэрии бүппүтүн да кэннэ армияҕа
барар оҕолорун, дьоннорун син биир үөрэ-көтө атаарбат этилэр.
Холкуос үлэтигэр дьахталлар, кырдьаҕастар, оҕолор хаалбыппыт. Куһаҕан аргыстаах
диэбит курдук, уот кураан, аһыҥа, өрт уота, сут сатыылаабата дуо?! Алдьархайбыт дьэ
ааҥнаабыта. Ардах түспэт, күн кытаран эрэ көстөр кураана, буһуруга буолбута. Аһыыр
ас суох, от-бурдук үүммэт. Биир ынаххын дулҕа сиэлин оттоон, куруҥ тыаттан кучу оту
үргээн нэһиилэ сыл таһаараҕын. Кыһын сиир аскын: үөрэ отун, кириэн сэбирдэҕин
өтөхтөрү кэрийэн куурдан хаһаанарбыт. Онтукпут саас эрдэ бүтэн иэдээммит эмиэ
эбиллэрэ,
Сут-кураан сатыылаан, сүөһү-ас эстэн, дьон бырдылара быстан, хоргуйан өлүү
элбээбитэ. Күн аайы ким эрэ өлбүт диэн дьонум кэпсэтэллэрин истэрим. Ууну иһэн
олоро сатаан баран дьоннор барахсаттар сирэйдэрэ иһэн бүтэһигэр өлөн хаалаллар үһү.
Биһиги ийэбит, хорсун, хоодуот, күүстээх-уохтаах дьахтар буолан, биир да оҕону бы-
лаҕайга былдьаппатах. Куйууру бэйэтэ баайан, иилээн, уктаан куойа, маҥкы оҥорон,
саас муус устартан куйуурдаабытынан барар этэ. Сөҕөбүн аҕай, сааскы күөл мууһун
ойбонун хайдах алларарын, Оҥу таһынан дьиэтин үлэтэ, алта оҕото, сүөһү тириитин
имитэн этэрбэс, куобах тириитин имитэн кээнчэ, бэргэһэ, үтүлүк тигиитэ — бу ба-
рыта ийэм тымтык уотунан түүҥҥү үлэтэ. Куобах кулгааҕа, баттаҕа, атаҕа бу барыта
хатарыллан, имитиллэн оччолорго барыта таҥас буолар. Ийэм барахсан күүстээх сана-
атынан, илиитин быччыҥынан биһигини ииппитин, билигин бэйэм олоҕу олорон, ыал
буолан, оҕо төрөтөн олорон эргитэ санаан, дьонум маннык ыар олоҕу олорбуттарын
сөрү диэн сөҕөбүн, тулуурдарын хайгыыбын. Аҕам 99, ийэм 92 саастарыгар орто дой-
дуттан барбыттара.
Аны бэйэм оҕо сааһым туһунан аҕыннахпына, мин 1935 сыллааха бу тапталлаах
«Пятилеткабар» төрөөбүт үһүбүн, олунньу 25 күнүгэр.
8 сааспыттан аҕабын кытта сайын от үлэтигэр тэҥҥэ сылдьыһарым. Бастаан оҕус
сиэтиитэ этэ. Оҕуһу кыайан мииммэккэбин, аҕам көтөҕөн ылан, оҕус үрдүгэр олор-
дон кэбиһэрэ. Иккис үлэм, арыый уопутуран, бугул түгэҕин харбааһына, онтон өссө
291

