Page 265 - Уйбаан Бахсылыырап. Сэрии кэмин оҕолоро - эйэлээх олох уустара
P. 265

«Сталин»  холкуос
                  чилиэннэрэ.
              Найахы,  1962  с.





















            Найахы  нэһилиэгэр  Тубуттаах  диэн  алаас  Куомуннар  (Фоминнар)  диэн
        халын' аймах тоҕуоруһан олорбут сирдэрэ.  Эбэбит Агафья Федоровна  Бараш-
        кова  4  уол,  3  кыыс  оҕону  төрөппүтүттэн  үс  ини-бии  уолаттар  Тубуттаахха
        суулаһан,  сэриигэ  барыахтарыгар  диэри  солооһун  солонон,  бааһына  оҥос-
        тон  бурдук  ыһынан,  сүөһү,  сылгы  көрөн-истэн  аһаан-сиэн  олорбуттара.  Үс
        бииргэ  төрөөбүттэртэн  ортоку уол,  мин  аҕам Дьөгүөр,  ийэбин  Маарыйа  Ха-
        рытыанабаны  1925 сыллаахха бу алааска сүгүннэрэн аҕалбыт.  Кинилэр бары-
        та  11 -дэ оҕоломмуттар,  ол эрээри сэрии иннинээҕи оччотооҕу эмп-томп суох
        кэмигэр  биһиги  үһүө  эрэ  хаалбыппыт,  хаалбыттартан  мин  улаханнара  этим.
            Биһиги  дьоммут  бадьайа  диэн  ааттанар  бурдук  тартарар  тэриллээх  эти-
        лэр.  Биир  көлө  ата  соһон,  киин  тула  хааман  аттыгар  баар  бурдук  тардар
        суоруна тааһы эргитэрэ. Ат кэннигэр анал оҥоһуллубут олорор ураҕас үрдүгэр
        олорон,  мин  аты  үүрэрим.  Бэйэбит  бурдукпутун  мэлийэрбит таһынан  чугас-
        тааҕы  ыалларбыт  эмиэ  кэлэн  бурдуктарын  тартаран  бараллара.  Ити  бадьайа-
        ны  таһынан  хас  биирдии  саха  ыалыгар  бурдук  тардар  таас-суоруна  баара.
        Ийэм  дьоно  Харытыанаптар  биһигиттэн  1  көс  2  биэрэстэ  ыраах  сытар  Тыл-
        быйахтаах диэн  алааска  олороллоро.  Мин  онно  тиийэн  суорунаҕа  эмиэ  бур-
        дук  тардыһарым.
            Сэрии  иннинэ  саха  ыаллара  бары  алаастарынан,  үрэхтэринэн  тарҕанан
        олороллоро.  Кинилэр онно олорон сонуок солоон,  бааһына оҥостон бэйэлэ-
        рэ үүннэрбит бурдуктарынан лэппиэскэлэнэн, алаадьыланан аһыыллара.  Оо,
        ол  сип-сибиэһэй  сэлиэһинэй  бурдугунан  астаммыт  ас  үчүгэй  да  буолара!
        Төрөппүттэрим  син  элбэх сүөһүлээх,  сылгылаах этилэр.  Олору иитэргэ бары
        күргүөмүнэн  тахсан  оттуурбут.  Олорор  алааспыт  күөлүгэр  кус  бөҕө киллэрэ-
        рэ,  аҕам  куска тиргэлиирэ уонна туулаан  балыгы дэлэгэйдик таһаарара.  Өссө
        куобахха  анаан  туһах  иитэрэ,  мин  ыал  улахан  оҕото  буолан  ол  туһахтары
        кэрийэн  көрөрүм.  Туһахтан  куобах  ыллахпына  олус  үөрэрим  уонна  аҕабын
        үтүктэн  ол  куобах ороҕор  эмиэ туһах  иитэрим.  Онон  сэрии  иннинэ дэлэччи
        аһаан-сиэн,  мин  санаабар,  үчүгэйдик  олорбуппут.
            Холкуостар  саҥа  тэриллиилэригэр  ыалтан  сүөһү  бөҕөнү  хомуйбуттара.
        Мин дьонум холкуоска хас да сүөһүнү холбообуттара. Хас күһүн аайы Сэбиэт
        үлэһиттэрэ  ордук сүөһү  баара  буолуо диэн  хотону  киирэн  көрөллөрө.  Сэрии
        аҕай  иннинэ,  1940  сыллаахха,  бөһүөлэктээһин  буолан  биһиги  Балыктаахха
                                                                                    261
   260   261   262   263   264   265   266   267   268   269   270