Page 266 - Уйбаан Бахсылыырап. Сэрии кэмин оҕолоро - эйэлээх олох уустара
P. 266

көһөн  киирбиппит.  Аҕам  бииргэ  төрөөбүттэ-
                                         ринээн  дьиэ  туттубуттара,  кыра  дьиэ  этэ  да,
                                         үс  ыал  батан  олорбуппут.  Сайын  тутуспуту-
                                         нан  бары  өтөхпүтүгэр  тахсан  сайылыырбыт.
                                         Эбэм Агафья  Федоровна  кыргыттарын  оҕоло-
                                         рун  биһиэхэ  олордон  үөрэттэрэрэ.  Аны  сыл-
                                        лата  аайы  кэриэтэ  ийэлэрбит  тэҥҥэ  оҕоло-
                                         ноллоро, дьиэ улахан оҕото буолан,  ол  кыһыл
                                        оҕолору эмиэ мин көрөрүм.  Ийэлэрбит кыһын
                                        хотоҥҥо  тахсан  баран  өр  баҕайы  буолан  ба-
                                        ран  киирэллэрэ,  дьиэ  үлэтэ  мин  үрдүбүнэн
                                        буолара.  Сайын  сайылыкка  ынахтарын түөртэ
                                        ыыллара,  онон  титииктэн  арахсыбат да  кэри-
                                        этэ этилэр.  Ол иһин миигин  10 сааспар диэри
                                        оскуолаҕа  биэрбэтэхтэрэ.
                                            Биирдэ,  1939  сыллаахха,  Сэбиэт  бэрэссэ-
                                        дээтэлэ Гаврильев сылдьан:  “Үөрэниэххин ба-
                                        ҕараҕын дуо?”  — диэн  ыйытта.  Ону  мин  биир
             Мария  Евсеевна,  Егор     тылынан.  Баҕарабын,          диэтим  быһыы-
         Семенович  Фоминнар.  1939 с.   лаа5а-  Сэбиэт,  бука,  дьоммун  кытта  кэпсэт-
                                        тэҕэ  буолуо,  ити  күһүнүгэр  мин,  уоннаахпар,
        оскуола  боруогун  дьэ  атыллаатым.
            Сайын,  1940  сыллаах  быһыылааҕа,  Баатаҕай  нэһилиэгиттэн  кэлэн  ааһан
        иһэр  Алексеев диэн  киһи  эбэбин  кытта  чэйдии  олорон:
            — Дьэ, Аҕаапыйаа, балаһыанньа куһаҕан, сэрии буолар буолла быһыылаах,
        — диэбитин чуолкай өйдүүбүн.  Эбэм тугу да  саҥараахтаабатаҕа,  сылабаарын
        кэннигэр  саһан  олорон  былаатын  уһугунан  хараҕын  соттубута.  Аны  санаа-
        тахха,  турбут  уолаттардаах  ийэ  киһи,  сэрии  иэнигийэр  иэдээнин  сүрэҕинэн
        сэрэйээхтээн  ытаабыт эбит.  Ону биһиги эбэбит хараҕа ыалдьар буолан была-
        атынан соттор дии санаатахпыт... Аҕам инитэ Михаил Семенович кыра үөрэх-
        тээх  киһи  хаһыат  бөҕөнү  ааҕара  уонна  дьонугар:  “Сэрии  хайаан  да  буолар
        буолла...”  — диэн  кэпсиирэ.  Ити  1940 сыл  Мэхээлэ кэргэнэ  ыарытыйан өлөн
        хаалаахтаабыта.  Мэхээлэ  үс  оҕотун,  хараҕынан  көрбөт буолан  эрэр  эбэбитин
        мин  ийэм  бэйэтигэр  ылбыта.
            Ол  хара  күнү,  сэрии  буолбут  күнүн  биһиги  көлүөнэ  тыыннаахпыт  туха-
        ры,  бука,  умнубаппыт  буолуо.  Төһө да  самаан  сайын  сатыылаан  турар  буол-
        тун  иннигэр,  бары  барыта  кэри-куру  буола  түспүтэ.  Сэрии  саҕаланарыгар
        мин  12,  балтым  Арыппыана  4,  иним  Сэмэн  3  сааспытыгар  сылдьар  оҕолор
        этибит.  Үс  оҕолоох  огдообо  хаалбыт  убайбыт  Михаил  Семенович  бастакы
        хомуурга  ыҥырыллан  сэриигэ  барбыта.  Кини  сэриигэ  барарыгар  кыыһа  9,
        улахан  уола  5,  аччыгыйа  3  саастаах  дьон  этилэр.  Убайбыт  Мэхээлэ  сэриигэ
        барарыгар  алааспытыгар  олорор  этибит.  Кинини хайдах эрэ  бу сотору кэлиэ
        диэбит  курдук  туттан-хаптан  атаарбыппыт.  Сэрии  суоһар  өйдөбүлэ  ол  кур-
        дук биһигиттэн олус  ыраах этэ.  Биһиги аҕабытын, Дьөгүөр  Сэмэнэбиһи,  ити
        хомуурга ыҥыран баран тоҕо эрэ тохтоппуттара.  Онно ийэм саҕа үөрбүт киһи
        суох  этэ.  Буолумуна  даҕаны,  бэйэтин  кыаммат  буолан  эрэр  көрбөт  эбэбит,
        алта  кыра  оҕо  киниэхэ  хаалыа  турдаҕа...
            Ол  эрээри  ийэм  Маарыйа  барахсан  үөрүүтэ  уһаабатаҕа.  Эһиилги  сайы-
        ныгар,  1942  сыллаахха,  аҕабытын  аармыйаҕа  иккистээн  ын ырбыттара.  Оччо-
        лорго аармыйаҕа бастакы барбыт дьонтон ким да эргиллибэтэҕэ, арай сэриигэ
        сылдьар  дьон  ааттарыгар  “хара  суруктар”  кэлитэлээн  барбыттара.  Онон  ик-
        262
   261   262   263   264   265   266   267   268   269   270   271