Page 8 - Уйбаан Бахсылыырап. Сэрии кэмин оҕолоро - эйэлээх олох уустара
P. 8
рэ. Оттон 16-17 саастаах ыччаттар улахан дьонунан ааҕыллаллара, уолаттар,
бары кэриэтэ, сэрии бүтэһик сылларыгар саастара ситэн, саа-саадах тутан
Ийэ дойдуларын көмүскүү арҕаа уонна илин фроннарга барбыттара. Үгүстэр
онтон эргиллибэтэхтэрэ.
Хара дьайдаах сэрии, сут-кураан, тулаайах буолуу содулугар сэрии кэми-
нээҕи үгүс оҕо үөрэхтэн маппыта, колхуос “көлүүр оҕуһа” буолбута. Ол эрээ-
ри кинилэр бары Кыайыы буоларыгар наһаа баҕараллара уонна ол күнү олу-
һун-олуһун эрэнэ күүтэллэрэ.
Ыам ыйын 9 күнэ 1945 с. Улуу Кыайыы, сэрии кэминээҕи көлүөнэ оҕолор
иккистээн төрөөбүт күннэрэ диэтэххэ да, омуна суох буолуо. Ону, күндү
ааҕааччым, бу кинигэни толору билистэххинэ бэйэҥ да өйдүөҥ. “Кыайыы
буолбут сааһыгар бэл чыычаах ырыата ураты үчүгэйдик иһиллэрэ. Тулабыт
барыта сып-сырдык, үлэбитигэр дьиэрэҥкэйинэн барар-кэлэр буолбуппут”,
— диэн ахтыбыта мин ийэм оччолорго 17 сааһын сабыс-саҥа томточчу туол-
бут кыыс.
Фашизмы Кыайыы бүттүүн Сэбиэскэй норуот кыайыыта. Онно сэрии
кэминээҕи оҕолор, биһиги үксүбүт ийэтэ, аҕата, убайа, эдьиийэ, эбэтэ, эһэтэ
кырата суох кылааты киллэрбиттэрэ. Ол үтүөлэрэ хаһан да умнуллуо суохта-
ах, кэнчээриттэн кэнчээригэ уос номоҕо буолан кэпсэнэ туруохтаах. Ол иһин
кинилэр история кэрэһиттэрэ буолан маннык кинигэлэр суруллаллар.
Аны сэрии саҕанааҕы оҕолор улаатаннар, ыал-күүс буоланнар эйэлээх
олоххо ыччаты дэлэппиттэрэ. Үгүс ыаллар 5-7, 6-9, бэл 10-н тахсалыы да
оҕоломмуттара. Онон хас нэһилиэк ахсын дьон-сэргэ элбээн бөһүөлэктэр
бөдөҥөөбүттэрэ, оскуолалар тутуллубуттара, кэнчээри ыччат үөрэххэ тарды-
һыыта күүһүрбүтэ. Сэрии кэминээҕи оҕолор, ити курдук, киһи-хара буолан-
нар, эйэлээх олоҕу уһансаннар, хас биирдиилэрэ бэйэлэрин харыстаммат
үлэлэринэн, оҕолоругар-урууларыгар улахан холобуру көрдөрбүттэрэ. Онон
сэрии кэннинээҕи олоҕу туппут дьон “сэрии кэмин оҕолоро — эйэлээх олох
уустара” дэнэллэригэр толору бырааптаахтар дии саныыбын.
Билигин арҕааҥҥы судаарыстыбаларга, фашизмы урусхаллааһыҥҥа сэ-
биэскэй норуот оруолун намтатан көрдөрө сатыыр буолан эрэллэрин суруй-
аллар, кэпсииллэр. Аныгы көлүөнэ дьон, ону итэҕэйимэҥ! Кырдьык, сэбиэс-
кэй норуот Улуу Кыайыыны аҕаларыгар сүүһүнэн араас омук (ол иһигэр
биһиги сахалар) элбэх хаан-уруу дьонун сүтэрбитэ, тугунан да кыайан кэм-
нэммэт үгүс хоромньуну көрсүбүтэ. Ол гынан баран сэрии да хонуутугар,
тыылга даҕаны сэбиэскэй норуот биир санаанан өстөөҕү өһөрөр кыргыһыы-
ны уонна Кыайыыга төһүү буолар күүрээннээх үлэни күүстээхтик ыыппыта.
Ону кэрэһилиир дьонунан билигин оччотооҕу сэрии кэмин оҕолоро, ахсаан-
наахтара да буоллар бааллар. Ол курдук бу кинигэҕэ 1928—1945 сс. Улуу Кыа-
йыыны көрсө төрөөбүт дьон ахтыылара, кинилэр тустарынан очеркалар
киирдилэр.
Онон билсиҥ, араас сылларга суруллубут сэрии кэмин оҕолорун олохто-
руттан кыракый лоскуйдары. Ол иннинэ мин, сэрии кэминээҕи көлүөнэ
оҕолорго барыларыгар, эйэлээх олоҕу туппут дьоммутугар анаан суруйбут
хоһооммун, ытыктабылым бэлиэтигэр утары уунабын.
Ааптар, 2012 с.
4

