Page 9 - Уйбаан Бахсылыырап. Сэрии кэмин оҕолоро - эйэлээх олох уустара
P. 9

СЭРИИ  кэмин  оҕото

                                                                Уйбаан  Бахсылыырап




                       Ийэтин  эмиийин  үүтүн  билбэтэх
                       Иринньэх  от-мас  илиилээх-атахтаах,
                       Тар,  үөрэ  хааһыны  тото  сиэбэтэх,
                       Быстара  сыстар  да,  өспөт  дьылҕалаах  —
                       Бүгүҥҥү  күҥҥэ  сааһырбыт  көлүөнэ,
                       Сэрии  суоһар  кэмин  —  ордубут  оҕото!

                       Төгүрүк  остуол  атаҕар  бааллыбыт,
                       Балаҕаҥҥа  соҕотох  ытыы  хаалбыт,
                       Ийэтэ  үлэттэн  кэлэрин  кэтэспит,
                       Өрүү  аччыктаан  ытаабыт-соҥообут,
                       Инчэҕэй  тирбэҕэ  быстыбатынан
                       Киһи  буолбут  —  сэрии  кэмин  оҕото!

                       Аҕата  уоттаах  сэриигэ  барарын
                       Ийэтин  халадаайыгар  сөрүөстэн
                       Аартыкка  аймана,  сайыһа  хаалбыт,
                       Күн  ахсын  аҕата  кэлэрин  күүппүт,
                       Кинини  көрөөрү  өр  да  өр  кэтэспит,
                       Суолу  манаабыт  —  сэрии  тулаайаҕа!
                       Солооһуҥҥа  оҕус  муннун  соһуспут,
                       От-мас  үлэтигэр  төһүү  күүс  буолбут,
                       Аһыҥа  үөннүүн  “өстөөх”  диэн  охсуспут,
                       Сырдыгы,  хараҥаны  улахан  дьоннуун
                       Үлэҕэ  сылдьан  дьиҥ-чахчы  тэҥнээбит,
                       Үөрэхтэн  маппыт  —  сэрии  кэмин  оҕото!
                       Уу  ньуулдьаҕай  оҕо  эдэр  сааһыттан
                       Өлүүнү-сүтүүнү  билбит,  көрсүбүт,
                       Көмүскэтин  уутун  элбэхтэ  тохпут,
                       Кыһалҕаттан  эрдэлээн  сиппит-хоппут,
                       Үлэнэн,  үлэнэн  эрэ  олорбут
                       Дьоһуннаах  Киһи  —  сэрии  кэмин  оҕото!
                       Оҕо  сааска  оонньуу  сылдьыбатахтар
                       Бүгүн  оҕонньор,  эмээхсин  дэтэҥҥит
                       Элбэх  сиэн  эһэтэ,  эбэтэ  буолаҥҥыт
                       Кыайыы  үбүлүөйүн  үөрэ  көрсөҕүт!
                       Ол  эрэн  сүрэхтэн,  дууһаттан  сүппэт
                       Сэрии  куруһа  —  сэрии  кэмин  сыллара!
                                                                        2010  с.  ыам  ыйа
   4   5   6   7   8   9   10   11   12   13   14