Page 106 - Тыыннаахтар олох олорор аналлаахатр
P. 106

Кэлин оҕолоругар кэлэ-бара сылдьан,  Мишата армияҕа сы-
        рыттаҕына өлбүтэ.

           Хомустаах  биир  кийиитин,  сэрии  огдооботун  Мотрена
        Михайловна Новгородова туһунан Клавдия Дмитриевна бэ-
        лиэтээһинин,  эрдэ,  бэйэм  суруйбуг  буоламмын  манна  ик-
        кистээн киллэрбэтим.  (У.Б.)

           Замятина  Мотрена  Семеновна  кэргэнэ  Замятин  Иван
        Никитич  Лөгөй  нэһилиэгин  «Бөлөхтөһүү»  колхоз  чилиэ-
        нэ  этэ.  Иван  Никитич  колхуоска  таһаарыылаахтык  үлэлии
        сылдьан  сэрии  иккис  сылыгар  армияҕа  ынырыллыбыта.
        Кини сэрии хонуутугар хорсуннук кыргыһа сылдьан улахан-
        нык бааһырбыта уонна  1943 сыллаахха дойдутугар эргиллэн
        кэлбитэ.  Иван  Никитич  1944  сыллаахха  колхоз  наадатыгар
        куоракка  киирэ  сылдьан  баран  төннөн  истэҕинэ,  Бэстээх
        суолугар ороспуонньуктар кыыллыы кэбилээн өлөрбүттэрэ.
          Замятиннар  биир  уол  оҕолоохторо  армияҕа  сулууспа-
       лыы  сылдьан  өлбүтэ.  Мотрена  Семеновна  Васильев  Нико-
       лай  диэн  киһиэхэ  эргэ  баран  үс  уолу  төрөппүтэ  Курбуһах
       нэһилиэгэр олороллор.
          Сэрии уонна сут сылларын охсуутугар тыылга өлөр-тиллэр
       кыһалҕатыгар  бу  дьахталлар  бары  күүстэрин  харыстаабак-
       ка  үлэлээбиттэрэ.  Кинилэр бары даҕаны  элбэх эрэйи-муну
       эҥээрдэринэн тыырбыттара,  эдэр саастарыгар  огдообо хаа-
       лан  аһыыны-абаны  эттэринэн-хааннарынан  билбиттэрэ.
       Киһи буолан олох олорон, кэргэн баран, оҕо төрөтөр дьолун
       билэн  баран кэргэттэрин сүтэриилэрэ туохха да кэмнэммэт
       ыар  сүтүк  этэ.  Сэрии  огдооболоро  ол  сүтүктэрэ  саастарын
       тухары  өйдөрүгэр-санааларыгар  ыар  таһаҕас  буолан  доруо-
       буйалара эмсэҕэлээбитэ,  үйэлэрэ кылгаабыта.
          Сэрии  саҕанааҕы  олоххо  олорбут  кырдьаҕастар  уонна
       оччотооҕу оҕолор бука бары кыһалҕаны дьиҥнээхтик билбит
       көлүөнэ дьон буолаллар. Билиҥҥи олох дьоно ону хайаан да
       өйдүөх-саныах  тустаахтар.  Кинилэр  олохторо  история  кэ-
       рэһитэ курдук сыаналаныахтаах!..

                                        К.Д.Алексеева-Соҕотох  Кыым,
                                         үлэ-тыыл ветерана,  2000  сыл
   101   102   103   104   105   106   107   108   109   110   111