Page 104 - Тыыннаахтар олох олорор аналлаахатр
P. 104

Ол иһин этэн эрдэхтэрэ:  «Киһи оҕотун, дьонун-сэргэтин
        дууһатыгар өрүү тыыннаах сылдьар»,  — диэн.

                                                      С.С.Никифоров,
                                  сэрии тулаайаҕа,  Хомустаах бөһүөлэгэ

           Феврония  Петровна  Попова  сааһырбыт  оҕонньордоох
        эмээхсин соҕотох кыыстара этэ. Хобороос кыыс Томтор ос-
        куолатын  төрдүс  кылааһын  үөрэнэн  бүтэрэн  баран  дьоно
        кыаллыбат  буоланнар  салгыы  үөрэммэтэҕэ.  Аҕалара  Бөтү-
        рүүҥкэ  арҕах  сөтөллөөҕө,  онон  сытар-турар  икки  ардынан
        нэһиилэ  сылдьара.  Ийэлэрэ  Маарыйа  хараҕынан  нэһиилэ
        сирдэтинэр  буолан,  хотонун  да  кыайан  көрбөт  этэ.  Онон
        дьоно  сүбэлэһэн  баран,  Хоборооһу  1937  сыллаахха суорум-
        ньунан  Петуховтар  улахан  уолларыгар  Охонооһойго  эргэ
        биэрбиттэрэ.  Эһиилгитигэр  эдэр  ыал  кыыстаммыттара.
        Мотрена Афанасьевна Дягилева билигин Нам оройуонун 2-с
        Хомустааҕар олохсуйан олорор,  сэттэ оҕолоох,  уон үс сиэн-
        нээх. Кини эдэригэр Өрөспүүбүлүкэҕэ тиийэ биллэр-көстөр
        ыанньыксыт этэ.  Петуховтар иккис оҕолоро  1940 сыллаахха
        уол  оҕо  буолан  олуһун  үөрбүттэрэ.  Дмитрий  Афанасьевич
        бэйэтин төрөөбүт оройуонугар тутуу учаастагар начальнигы-
        нан  уонна  прорабынан  үлэлээбитэ.  Кэргэнинээн  Светлана
        Дмитриевналыын үс кыыс,  биир уол оҕону төрөппүттэрэ.
           Ити  эрээри  Хобороостоох  Хонооһой  уһуннук  ыал  буо-
        лан  олорботохторо.  Петухов  Афанасий  Семенович  сэрии
        бастакы  сылыгар  ыҥырыллыбыт.  Кини  уоттаах  сэриигэ
        сылдьан  1944  сыл  (1943...)  кулун  тутар  3  күнүгэр  Львов-
        скай  уобалас  Брудовскай  оройуонугар  Заболцы  дэриэбинэ
        иһин кыргыһыыга хорсуннар өлүүлэринэн өлөн ити дэриэ-
        бинэ  таһыгар  көмүллүбүтүн  туһунан  биллэрии  кэргэнигэр
        Ф.П.Попова-Петуховаҕа  кэлбит.  Феврония  Петровна  хас
        да сыл соҕотоҕун сылдьан баран,  1947  сыллаахха армияттан
        кэлбит  Олесов  Прокопий Дмитрьевичкэ  кэргэн тахсыбыта.
        Киниттэн уол уонна кыыс оҕолоох. Уола Илья үрдүк үөрэх-
        тээх зоотехник  идэлээх,  кэргэннээх,  икки  оҕолоох.  Маруся
        эмиэ  үрдүк  үөрэхтээх товаровед,  Верхоянскай  оройуонугар
        олорор,  кэргэннээх,  оҕолоох.
           Хобороос  эдэр  эрдэҕиттэн  колхуос  бары  үлэтигэр  үтүө
        суобастаахтык үлэлээбитэ.  Ол курдук ыанньыксыттыы сыл-
        дьан  тымныйан  ыалдьан  баран,  аанньа  эмтэммэккэ  1960
        сыллаахха сырдык тыына быстыбыта.
   99   100   101   102   103   104   105   106   107   108   109