Page 76 - Тыыннаахтар олох олорор аналлаахатр
P. 76
дьэнэн-таһырдьанан түбүгүрэн баран, түүнү быһа суорунаҕа
бурдук тардан кыыкынатара. Сарсыарда эрдэ эмиэ хотоҥҥо
тахсара, хаһан утуйара эбитэ буолла. Аны үрэхтэн хаста
эмэтэ кырынан уу баһан, сыыры аҕылаан-мэҕилээн тахсара.
Эдьиийим үрэх уҥуор ыраах баар ферматтан, икки илиитэ
куҥ буолуор дылы күҥҥэ 3-4-тэ халбыыр үүтү борооску-
ларга, ньирэйдэргэ таһара. Сэрии кэнниттэн быһыылааҕа,
өрт уота өтөхпүтүгэр чугаһаан, тыа саҕатынан тииттэн тиик-
кэ ыстаҥалаан умайан күлүбүрэтэн ааһара. Онно эдьиийим
эмиэ үрэхтэн уу баһан тиит төрдүгэр кутара. Оо, эдьии-
йим барахсан, Маайыс! Миигин ууттан, уоттан быыһаабыт
кини, тонон өлө сыспыппын булбут эмиэ кини! Киһи буо-
ларбар, ийэбэр уҥа илиитэ буолан көмөлөспүт, эдьиийим
Маайыс! Ханнык махтал тыллары этэммин иэспин төлүөм
буоллаҕай... Арай бу, ийэбит, эдьиийбит Вера Семеновна
ахтыллар кинигэтигэр эн аатыҥ тэҥҥэ ааттаннын диэн тугу
билэрбин суруйабын.
Сут-кураан дьылларга Намҥа, Кэбээйигэ «от сии» көһөн
тиийиигэ эдьиийим Маайыс улахан дьоннуун барсан-кэлсэн
иһээхтиирэ. Кинини онно мээнэ олордубатахтара чахчы...
Эрэйи-муҥу эҥээрбитинэн тэлбит, оҕо саас үөрүүтүн бил-
бэтэх дьоннор, биһиги эмиэ, сэрии оҕолорун ахсааныгар
киирэрбит наада. Эдьиийим дэлби ыарытыйар да буо-
лан буоллаҕа, 3-4 кылаас үөрэҕинэн уурайбыта. Мин эмиэ
эдьиийим суолун солоон 6-7 сааспыттан ийэбэр көмөлөһөн
титиигинэн, хотонунан соһуллубутум. Уоммун туолан эрэ
баран оскуола боруогун атыллаабытым. Сэрии бүппүтүн
да кэннэ олох тута көнөн барбатаҕа, тиийиммэт, кыаммат
кыһалҕалаах ыал элбэх этэ. Ынах тириитэ этэрбэһи, куобах
өрөҕөтө бэргэһэни, үтүлүгү, кээнчэни өрго диэри кэппит,
аччык аҥаардаах оҕо сааспыт хайаан умнуллуо буоллаҕай!..
Эдьиийим Мария Семеновна 1950-1960-нус сылларга
ньирэй көрөөччүнэн үлэлээн, күһүн кыстыкка киириигэ
төрөлкөй ньирэйдэри туттарара. Кини иги үлэтигэр бас-
тыҥнар кэккэлэригэр сылдьан «Ленинскэй тэрийээччи»
хаһыакка хаста да хайҕанан суруллубута. Кэлин Гоголев
Михаил Иванович салайааччылаах кырымахтаах хара са-
һылы иитэр фермаҕа Сыырдааҕынан, Бэйдиҥэнэн хас да
сыл үлэлээбитэ. Бу да үлэлэригэр саһылы иитэр ферма үлэ-
һиттэрэ үрдүк көрдөрүүнү ситиһэн хайҕал, махтал тылларын
элбэхтэ истибиттэрэ, бириэмийэлэргэ да тиксибиттэрэ.
Аҕам Сивцев Егор Иванович 1942 сыллаахха сэрии хонуу-

