Page 71 - Тыыннаахтар олох олорор аналлаахатр
P. 71
Ийэм сэрии алдьархайын барытын билбитэ
Ийэм сэрии буойунун огдообото Гоголева Вера Семенов-
иа 1915 сыллаахха Бэрт-Ууһун нэһилиэгин Таампара үрэх
сүнньүгэр Сэргэлээх алааска төрөөбүт. Аҕата бу дойду олох-
гооҕо Гоголев Семен Григорьевич Саһылыкаантан төрүттээх
11ортнягина Маайаны кэргэн ылан үс кыыһы төрөппүттэр.
Улаханнара мин ийэм Биэрэ, балтылара Даайыс уонна Маа-
йыс. Ийэм аах ийэлэрэ эрдэ өлбүт быһыылаах. Кини 1938
сыллаахха аҕабар Сивцев Егор Васильевичка-Сыттыыкаҕа
кэргэн тахсан аҕатынаан уонна икки балтынаан Өлтөх нэ-
һилиэгэр, аҕам алааһыгар Аччаныга көһөн кэлбиттэр. Мин
күн сирин 1940 сыллаахха көрбүппүн. Аҕабыт 1941 с. аар-
мыйаҕа ыҥырыллан барарыгар ийэм төрүүрэ чугаһаабыт
дьахтар хаалбыт. Кини ол саҕана ыанньыксыттыыра, кыра
балта Маайыс 7-8 саастаах кыысчаан ийэбин кытта хотоҥҥо
тэҥҥэ сылдьыһара үһү.
Аҕам сэриигэ барбытын кэннэ дьыл киириитэ, ийэбин,
соторутааҕыта төрөөбүт дьахтары, сүөһү кыстыгар үлэлэтэ
Пам Үөдэйигэр ыыппыттар. Ийэм: «Оҕолорум кырала-
ра бэрт, дойдубар манна үлэлэтиҥ», — диэн көрдөспүтүн,
«Байыаннай кэм, туох да аахсыллыбат!» — диэн ылымма-
гахтар. Инньэ гынан оҕус сыарҕатыгар кибииккэ дуома
оҥостоннор, оҕолорун — миигин — биир саастаах кыыһы,
торөөбүтэ ый аҥаара эрэ буолбут уолун, балтын Маайыһы
гиэйэн, бэйэтэ атын дьону кытта сатыылаан нэдиэлэттэн
ордук айаннаан Үөдэйгэ тиийбиттэр. Ол уһун айаҥҥа тым-
иыйбыт кыһыл оҕо ытыыр кыаҕа суох да буолбут уонна ол
гүүн өлөөхтөөбүт. Олус ыраас сэбэрэлээх, үүг-үкчү аҕатын
курдук моһуоннаах уол эбитэ үһү. Ийэм: «Саатар кини сып-
иата, киһи буолбата», — диэн уолун аһыйан ытаан-соҥоон
муҥнаммыта үһү. Үөдэйгэ сүөһү көрө тиийбит дьон тоҥ-
хаһаа олорор дьиэлэри, хотоннору сыбаан ол кыһын тоҥон-
хатан нэһиилэ кыстаабыттар. Кыһын өрүс суола аһыллыар
диэри астара бүтэн быстаран барбыттар. Аны ол кэмҥэ мин
аҕабын Сивцев Егор Васильевиһы «Хорсуннук сэриилэһэ
сылдьан, геройдуу өллө» диэн «хара суругу» туттараннар,
ийэм эрэйдээх төрүт да буорайа сыспыт. Ол да буоллар
илдьэ кэлбит сүөһүлэрин этэҥҥэ көрөн-истэн, бэйэлэ-
рэ аһыыр-аһаабат сылдьан суккуруур тыыннара эрэ ордон
саас дойдуларыгар төннүбүттэр. Ийэм дохсун, хоһуун бэйэ-
гэ дьүдьэйэн-дьаарайан, мин эдьиийбинээн Маайыстыын

