Page 72 - Тыыннаахтар олох олорор аналлаахатр
P. 72
хардары-таары ыалдьан нэһиилэ тыыннаах эрэ дойдубутун
булбуппут. Сүөһүлэрин этэҥҥэ сыл таһааран дойдуларыгар
аҕалбыттарын иһин, хайҕанан дохуотунан бириэмийэлэнэн,
онон өрүһүллүбүт үһүбүт.
Дьэ, ити курдук алдьархайдаах сэрии, сут-кураан сылла-
рын эттэринэн-хааннарынан билэн, күүстээх үлэни, эрэйи-
муҥу көрбүт ийэлэрбит сэрии огдооболоро олох тупсарын
туһугар хаста-хаста тыыннарын толук ууран Улуу Кыайыы-
ны аҕалсыбыттара буолуой!
Олох салҕанарын туһугар
Сэрии хонуутугар охтубут буойуннар огдооболорун кэргэн
тахсыбыттарын сэмэлиир уонна буруйдуур этилэр. Дьиҥэр,
огдообо хаалбыт 25-26 саастаах, оннооҕор да эдэр дьахтал-
лар иккистээн олохторун оҥостон оҕолонон-урууланан оло-
руохтарын сөп эбитэ буолуо. Холобур, мин ийэбин буруй-
даабаппын. Ийэм барахсан кэргэнэ суорума суолланан «хара
сурук» биллэриитэ кэлбитин кэннэ, сылтан ордон баран,
эрэй-муҥ да кыһалҕатыттан иккистээн ыал буоллаҕа. Ол
курдук кинини оччотооҕу колхуос бырабылыанньатын бэ-
рэссэдээтэлэ Данилов Гаврил Петрович диэн киһи кэргэн
ылан биһиги тыыннаах хааллахпыт. Ол саҕана быстарбыт
дьахталлар: «Хата, эн, оҕолоргун тыыннаах хаалларар буол-
луҥ», — диэн ийэбин ордук санаабыттара үһү. Итинник
тыл-өс, биллэн турар, сэрии содула таһаарбыт олоҕун кы-
һалҕатыттан буолбута чахчы...
Ийэм тойон ойоҕо буолан быар куустан олорботох. Бэйэ-
- тэ да эпчиргэ, эр киһилии кыайар-хотор, хоһуун үлэһит этэ
диэн кэпсииллэрэ. Түргэн-тарҕан туттунуулаах, курбачый-
быт, «эр киһи үлэтэ» диэн иҥнэн турбат дииллэрэ. Мин да
билэрбинэн, Бэйдиҥэ «Сайылыгар» икки сайыны быһа үс
үлэни тэҥинэн үлэлээн ааспыта. Ол 1947-1948 сыллардаах-
ха быһыылааҕа. Эдьиийим Маайыс окко барбыт кэмэ буо-
лан, ийэбэр сүрүн көмөлөһөөччү этим. Ол сайыннарга мин
дьүдьэйэн-дьаарайан, сиргэ охто сыһан сайылаабыт үһүбүн.
Ийэм 4 ыанньыксыкка бостууктуур, уонтан тахса ынаҕы
ыыр, онтон аны ыаммыт үүтү барытын сэппэрээтэргэ түһэ-
рэр. Онно мин киниэхэ көмөлөһөн күнү быһа дэйбиир буо-
лан сүүрэн тахсарым.
Оччотооҕу аатырар ыанньыксыттар Говорова Мария
Михайловна, Шестакова Варвара Антоновна ийэбин кытта

