Page 13 - Сахаайа Ермолаева Тыыннаах ырыа
P. 13
17.
Кэрэ кыыс сирэйэ — визитка,
Уоланы итирдэр быһыыта?
Ардыгар оннооҕор уохтаах ээт, —
Сороххо бытыылка водката!
18.
“Чиэһинэй уоруйах баар!” — дииллэр,
Ол кими этэллэр кинилэр?
Сокуону уорарга оҥорор
Улахан өйдөөхтөр үһүлэр.
19.
— Үгүстүк албыны кууһабын:
Үчүгэй киһи дии саныыбын...
Билэбин бульдогу, лаайканы...
Билиэм дуо овчарка хайдаҕын?
20.
“Киэҥ халлаан кыыһаҕын! ” — диэбэттэр,
“Космос дочаҕын!” — дэһэллэр.
Тыа дьоно сүөһүтүн ахсаанын
“Төбөбүт ахсаана...” — дэһэллэр.
21.
Саһыллар, бөрөлөр, эһэлэр...
Билигин куоракка үөскүүллэр.
Талыыллар, халыыллар, уораллар,
Күн орто албыннаан да сииллэр.
22.
Балысхан сайдыыны ким буойуой?!
Силигин ситэрэн ким туойуой?!
Арай бу барҕарыы суох буоллун?!
Кураанах хаассаны ким уоруой?!
11

