Page 86 - Дүпсүн сирэ
P. 86

олохсуйбут  биис  ууһун тутулун  чөлүгэр түһэрэр туһугар туруорсууларын  сыч-
          чах аҕыйах ахсааннаах баайдар баһылык буолаары арахса сатааһыннарын кур-
          дук  көрдөрөр.  Ол  да  иһин  норуот  сэһэнигэр  олоҕуран,  ити  мөккүөр  ыһыах
          күрэҕинэн  ким  кыайбытынан  быһаарыллыбытын  курдук  түмүк  оҥорор.  От­
          тон  улууһу  араарар  туһунан  архыып  докумуонун  тойоттор  мөккүөрдэрин  би-
          гэргэппит курдук  көрдөрөр.  И.Г.  Березкин:  «Ити  кэнниттэн  (ол  аата  арахсыы
          ыһыаҕын  кэнниттэн)  Саха  уобалаһын  бырабылыанньата  Бороҕон  улууһун
          икки  аҥыы  хайытар,  олортон  бастакытын  Бороҕон  улууһа,  иккиһин  Дүпсүн
          буолаһа диэн  ааттыыр  наадалааҕын  туһунан  этии  киллэрбит.  Ону  Иркутскай
          губерниятын  бырабылыанньата  1814  сыл  алтынньы  20  күнүнээҕи  ыйааҕынан
          бигэргэппит»,  — диир.  Оттон  Саха сирин  государственнай архыыбыгар харал-
          ла  сытар  «Бороҕон  улууһун  2  аныы:  Бороҕон  улууһа  уонна  Дүпсүн  буолаһа
          диэннэргэ  араарар  туһунан»  Саха  уобаластааҕы  бырабылыанньатын  1814  сыл
          сэтинньи  17  күнүнээҕи  ыйааҕар  этиллэринэн  Иркутскай  губерниятын  пра-
          вительствота  Бороҕон  улууһун  икки  аныы  араарыыны  уобалас  бырабылыан­
          ньата  быһаарарыгар  аналлаах  5604  №-дээх  ыйааҕа  өссө  1812  сыл  муус  устар
          5  күнүгэр  тахсыбыт  эбит.  Ол  эбэтэр,  дүпсүттэр  арахсыы  боппуруоһун  Саха
          уобалаһын  нөҥүөлээн,  Иркутскай  губерниятыгар  диэри  туруорсуулара  өссө
          быдан эрдэттэн саҕаламмыта чуолкай.  Бэл губерния ыйааҕын уобалас тойотто-
          ро  икки  сыл  тута  сытан  баран,  күһэллэн  1814  сылга  эрэ  быһаардахтара,  1815
          сылтан дүпсүттэргэ буолас статуһун биэрдэхтэрэ.
             Өссө киһи болҕомтотун тардар биир түгэн баар. Үөһээ этиллибитдокумуоҥҥа
          уобалас  бырабылыанньата  Дүпсүн  буолаһыгар:  «I  Өспөх  Александр  Слепцов
          451,  Баатаҕай  Александр  Колесов  233,  II  Өспөх  Мирон  Сивцев  402,  Найахы
          Петр  Васильев  183,  Чэриктэй  Дмитрий  Босиков  374,  Өнөр  Дмитрий  Атласов
          234,  ити нэһилиэктэн арахсыбыт чаччыына Александр Винокуров аҕатын ууһа
           190,  III Өспөх  Петр Жирков  103.  Барыта: аҕыс нэһилиэк 2073 дууһалаах» диэн
          суруллар. Оччотугар Дүпсүн буолаһа Бороҕонтон арахсарыгар 7 нэһилиэктээх,
           1  аҕа уустаах эбит, ол иһиттэн  үс Өспөх нэһилиэгэ баар. Оттон  И.Г.  Березкин:
          «Сана тэриллибит буоласка  Өнөр,  I  Өспөх,  II  Өспөх,  Чэриктэй,  Баатаҕай,  На­
          йахы уонна Түүлээх нэһилиэктэрэ киирбиттэр» диэн суруйар. Уобалас бырабы­
          лыанньатын ыйааҕар этиллэр III Өспөҕү киллэрбэт уонна А.  Винокуров аҕатын
          ууһун Түүлээх нэһилиэгинэн суруйар.  Ити биирэ, иккиһинэн, эмиэ икки баай
          эдэр  Павел  Афанасьев  уонна  I  Өспөх  кинээһэ  Александр  Слепцов-Харахаан
          былаас  былдьаһар  мөккүөрдэриттэн  нэһилиэк  хайдыбытын  туһунан  суруйар:
          «1826  сыл  саҥатыгар  I  Өспөх  нэһилиэгиттэн  хайдыһан  Тэбиик  нэһилиэгэ
          үөскээбит» диэн  бигэргэтэр.  Оччотугар  1815  сылтан  1826  сылга диэри  11  сыл
          иһигэр  Петр  Жирков  кинээстээх  III  Өспөх  нэһилиэгэ  ханна  баран  хаалла?
          Баҕар III Өспөх нэһилиэгэ Тэбиик буолта буолаарай? Туох да билбэт. Историк-
          тар,  кыраайы  үөрэтээччилэр  үөрэттэхтэринэ,  чинчийдэхтэринэ  чуолкайданар
          кыахтаах быһыылаах.
                                                     Иннокентий  Сыроватскай,  журна.\ист



          82
   81   82   83   84   85   86   87   88   89   90   91