Page 84 - Дүпсүн сирэ
P. 84
«Сахалар» диэн бөдөҥ этнографическай үлэ автора В. Серошевскай саха
тылынан уус-уран айымньыларыгар: олоҥхолорго, үһүйээннэргэ олоҕуран,
сахаларга нуучча кэлиэн иннинэ, «дьон», «биис», «уус» диэн обгцественнай-
административнай тутул баарын бэлиэтиир. Саха биир бастакы интеллигенэ
Д.А. Кочиев ити идеяны салгыы сайыннаран, сахаларга биис ууһа, ийэ ууһа,
аҕа ууһа, аймах уонна дьон диэн түмсэн, түөлбэлээн олоруу тутула баарын
ыйар. Саха бастакы профессиональнай историктарыттан биирдэстэрэ Г.А. По
пов саха общественнай тутулутар «аймах» уонна «дьон» диэн норуоту сирэй-
дээн көрдөрөр өйдөбүл баарын арааран бэлиэтиир. Кини «хас биирдии биис
ууһа, ону ааһан аҕа ууһа, сэрииһиттэрдээх, сайдыылаах сэрии тэриллиилээҕэ
уонна Серошевскай курдук дьон уонна аймах диэн саханы барытын түмэр
өйдөбүл, опон биис уустара онно түмүллэн, ил сүбэтинэн («союзных сове
тов») салаллара» диир. Саха бастакы ученай-дьахтара, историк О.В. Ионова
«саха норуота биирдиилэрэ хастыы да аҕа ууһуттан турар хас да бөдөҥ биис
уустарыттан турар общественнай тутуллааҕа» диэн санааны тутуһар.
Онон эрдэтээҥҥи учуонайдар, чинчийээччилэр, этнографтар бэлиэтээбит-
тэрин курдук, сахалар нуучча кэлиэн иннинэ төһө да былыргы төрүттэрин
курдук күүстээх, норуоту бүтүннүүтүн сүрүннүүр, түмэр, сомоҕолуур государ-
ствонан (элинэн) олорботохторун иһин ил (государство) өйдөбүлүн — «саха
дьон», «саха аймах», «үс саха», «урааҥхай саха» диэн бүтүн норуоту сирэйдээн
көрдөрөр тутуллаах этилэр. Кырдьыга даҕаны, түмэр, сүрүннүүр тутуллаах эрэ
буоланнар сахалар уһук хотугу дойдуга кэлэн уонунан үйэлэр усталарыгар биир
сомоҕо «Саха сирэ» дэнэр, бас билэн сүөһү ииттэр, бултуур-алтыыр, олохсуйан
олорор сирдээх-уоттаах, биир өйдөһөр ийэ тыллаах, биир уопсай үрүҥ айыыга
сүгүрүйэр дириҥ силистээх-мутуктаах итэҕэллээх, сайдыылаах культуралаах,
биир сомоҕо норуот буолан, олохтоох омуктарга күөмчүлэппэккэ бэйэлэрин
бэйэлэрэ салайынан, дьаһанан олордохторо. Лена сүнньүнэн олохсуйар бас
такы кэмнэригэр төрүт уус дойдуларыгар олорор эрдэхтэринээҕи ил тутулун
ыһыктыбакка илдьэ кэлбит буолуохтаахтар. Ол тутул уонунан үйэлэргэ кини-
лэри Киин Азия, Байкал тулатыгар курдук күүс өттүнэн тастан тоҕо ааҥнаан
киирэн сирдэригэр-уоттарыгар суоһуур, олохторун огдолутар күүстээх, бөдөҥ
«ыаллар» суохтарыттан нус-хас олох долгураҥар биир ньыгыл ил (государ-
ственнай тутул) наадата сүтэн, умнуллан барбыт буолуохтаах.
Ол иһин, XVII үйэҕэ, нууччалар Саха сиригэр кэлиэхтэрин быдан иннинээҕи
кэмҥэ, хаҥаластары Тойон ууһа диэн саха аймах бүтүннүүтэ билинэрэ, бас-
кос туттара, ону сэргэ Тойон ууһун бас-көс дьоно — Эллэй удьуордара: Баг-
дасын Дархан, Игидэй Дархан, Үөлэн Дархан, Дойдуһа Дархан, Мунньан
Дархан, диэн солону көрдөрөр хос ааттаахтара түбэһиэх аат буолбакка, ил (го
сударство) өссө да букатыннаахтык сүтэ илигин, сахаҕа бүтүн саха аймаҕы
салайар-дьаһайар бырааптаах дархан солото баарын кэрэһилиир. Ити или тута,
тилиннэрэ-сатаан XVI үйэ бас-көс дьоно Дойдуһа Дархан, Мунньан Дархан ту-
рууласпыт буолуохтаахтар. Онтон кинилэр удьуордара Тыгын XVI үйэ бүтүүтэ
саха уустарын сороҕу тылыгар-өһүгэр киллэрэ сатаан, сороҕу кытта кыргыһан,
өстөһөн саха илин тиһэх сомоҕолооччу, тэрийээччи буолбута кыаллыбатаҕа.
Төттөрүтүн чугастааҕы улахан уустары кытта өстөһүү, кыргыс үйэтэ саханы
80

