Page 6 - Березкин И.Г. Сайсары күөлэ уонна Сайсары булгунньаҕа
P. 6
уулаах Аппаны кытары кыра сибээстээҕэ. Anna уута өрүс
хомотун биэрэгинээҕи билииттэн тиийэн иҥнэрэ. Билии уступ
Anna уҥуор ааһар суоллааҕа. Бу Сайсары Аччыгый
булгунньаҕыттаи хотугулуу-арҕаа ааһар диэки Сайсары
Улахан булгунньаҕа, сорохтор ону Тыгын булгунньаҕа
дииллэрэ, лөглөйөн турара. Булгунньах тас өртө хара туой
буортан, оттон ис өртө кырылас кумахтан үөскээбит эбит. Ол
хара туойтан оччотооҕу олохтоохтор бэйэлэригэр туой
күөстэри уонна кыра боччуктары охсор эбиттэр. Мантан
иниики өттүгэр Сайсары Улахан булгунньаҕын, сорохтор
Тыгын булгунньаҕа диэччилэрин, кылгатаммыт Сайсары
булгунньаҕа диэн суруйар буолуохпут. Сайсары булгунньа-
ҕыттан соҕуруулуу-илин диэки чугас Дириҥ көлүйэ диэн
баара. Ону кэнники, буорунан-сыыһынан толорон, суох гым-
мыттара. Дириҥ көлүйэттэн соҕуруулуу-илин тэйиччи соҕус
Күөрээйи диэн бэрт үчүгэй көлүйэ сиккиэр тыалтан аргыый
аҕай долгуйа, долгуннура сытара. Ону эмиэ суох гыммыттара,
көлүйэ оннугар Таас көстүүнэйи туппуттара.
Сайсары күөлүн хотугулуу-арҕаа өртүгэр Тыгын тойон
XVII үйэ бастакы чиэппэригэр, Эркээни хочотуттан көһөн
кэлэн, туттубут улахан дьиэтэ-уота, күрүөтэ-хаһаата, сүөһүтэ-
аһа, баайа-дуола ньиргийэн турара. Бу хонуу ол-бу өртүгэр
кини дьоно-сэргэтэ тарҕанан олороллоро. Холобур, мыраан
Үрүҥ күөл үрдүнээҕи тэллэҕэр хас да ыаллар бааллара.
Тыгын тойон ити ньиргийбит дьиэтигэр-уотугар син балай
эрэ өр олорон кырдьа быһыытыйбыт. Итиннэ Тыгын кырдьаҕас
улахан уҥуохтаах, үчүгэй дьүһүннээх сытыы-хотуу тыллаах-
өстөөх, оҕо эрдэҕиттэн Аамый диэн таптал ааттаах (элбэх
оонньуурун "аамыйдаабыт" кыысчаан) кэргэнин, Тыҥааны-
Куо диэн кыыһын, аҕыйах саастаах Таас Уллуҥах диэн уолун
кытары бииргэ олорбут. Уоллаах кыыһа бу дьиэҕэ Аамыйтан
торөөбүттэрэ. Оттон атын уолаттара уопна кыргыттара, атын-
атын ийэлэртэн төрөөбүт буоланнар, сүүрбэлэриттэн биэс
уонпарыгар диэри саастаах дьоннор Эркээни, Туймаада
хочолорун уступ тарҕанан, ыал буолан, оҕо төрөтөн олорбут-
тар эбит. Уолаттарыттан күндү кииһинэн уонна саһылынан
телонор дьаһаах (нолуок) испииһэгэр Откуурай, Бөдьөкө,
Чаллай, Түһүк, Чабда, Чомпу, Күрдьүгэс, Этиэнэ, Ыбах,
Тогуохта ааттара киирбиттэрэ. Манна дьаһаах түһэриллэн
эрдэҕинэ, сыыһа туттаран, Орто Халымаҕа куоппут Хардаҕастай
Бэргэн 'уонна эрдэ олбүт Таас Уллуҥах ааттара суохтар.
Сайсары күолүн хотугулуу-арҕаа кытыытыгар, били ньир
гийбит улахан дьиэтигэр-уотугар, Тыгын кырдьаҕас op
сыллар усталарыгар олорбут. Ол олороп, сахалар биисгэрин
4

