Page 3 - Р.Р.Кулаковская1
P. 3
курдук, эмиэ ньимийэн баран аргыстаһан үлэбитигэр тиийдибит. Эһэм, хоско киирээт,
били билэр олохтоох сиригэр тиийэн олорунан кэбистэ. Оннук үлэ күнэ бүттэ.
Хайыахпытый, эмиэ аргыстаһан дьиэлээтибит. Ити тухары саҥа-иҥэ эмиэ мэлигир. Дьэ
онтон киэһэ дьиэбитигэр чэйдии олорон эһэм: «Оҕом сыыһа, син бэрт үлэһит
буолууһуккун. Ол гынан баран күлэриҥ бэрт эбит», – диэн, дьэ санаатын эттэ. Мин
мөҕүллүбэтэхпиттэн олус үөрдүм, испэр дэлби чэпчээтим. Эһэм барахсан, ол курдук аан
маҥнайгынан үлэҕэ характеристикалаан, бэйэтэ туораттан кэтээн көрөн сыаналаан, үлэ
диэн ураты эппиэтинэстээх сир буоларын өйдөппүт киһибинэн буолар. Итини кэлин
өйбүн тутан баран биирдэ өйдөөбүтүм. Кини оннук бэйэтэ уратытык дьайан, сатыырынан
иитэн бараахтаабыт эбит. Эһэбин ол иһин мэлдьи «маҥнайгы ревизорум» диэн
ааттааччыбын.
Эһэм биир дьикти өрүтэ олус ийэмсэх этэ. Биир кэм ийэтин ахтарын санаан хаалбыппын.
Куруутун «мин ийэм итинник диэбитэ», «мин ийэм оннук гынар этэ», «мин ийэм оннук
алҕаабыта», «ийэм миигин оннук үөрэппитэ, кини оннук үөрбүтэ» диир буолара. Ийэтин
уоһуттан түһэрбэт этэ. Ону мин оҕо сылдьан: «Тыый, итиччэ кырдьа-кырдьа, ийэлээх
уонна өссө ахтар», – дии саныырым. Оҕотук толкуйбунан кырдьаҕас киһи ийэтэ суох
буолуохтааҕын курдук саныыр эбиппин. Дьиҥэр, ийэ диэн үйэ тухары ийэ. Холобура бу
билигин 85 сааспар олордорбун даҕаны, күн аайы ийэбин ахтыбатах түүнүм суох. Дьикти
дии, киһи оҕо сылдьан ийэтигэр олус убанар. Букатын ийэтэ суох – олох суох курдук
буолар. Онтон улаатан истэҕиҥ аайы, сыыйа ийэҕиттэн син тэйэн, бэйэҥ ыал буолан, ийэ
буолар үрдүк дьолун билэҕин. Онтон сааһыран баран эмиэ оҕо эрдэҕинээҕи ийэҕэр
ахтылҕаныҥ, тапталыҥ хаттаан тиллэн, иккистээн күөдьүйэн, күлүмнээн, олус суохтаан
кэлэҕин.
ТИИТ ТӨРДҮН ААЙЫ – ЧООРУОСТАР
Ийэлээҕим Татьяна Паповналаах бииргэ төрөөбүттэр тоҕустар. Заболоцкайдар оҕолоро
бары доруобай, өйдөөх-төйдөөх, сиппит-хоппут, үчүгэй олохтоох-дьаһахтаах дьон этилэр.
Заболоцкайдар кимтэн кииннээхтэрэ, хантан хааннаахтара чопчу бу диэн биллибэт. Номох
быһыытынан, биир олус кыра уҥуохтаах Чооруос диэн ааттаах киһи Тааттаҕа Танда
диэкиттэн үлэлии кэлбитэ эбитэ үһү. Былыр күүстээх-уохтаах дьон сири-сибиири кэрийэ
сылдьан, дьоҥҥо от-оттоон, мас-мастаан, тирии имитэн, ону-маны уһанан биэрэллэр эбит.
Биһиги төрүппүт Таатта сиригэр оннук кэлээхтээбит. Таатта ыала Чооруоһу майгытын
иһин олус сөбүлээн, көнөтүн иһин дэлби биһирээн, оҕолорун курдук таптаан бэйэлэригэр
күтүөт оҥостон илдьэ хаалаллар.
Дьэ ити Чооруостан Заболоцкайдар диэн аҕа ууһа тэнийэн барар. Мин эһэм аах бииргэ
төрөөбүттэр үһүөлэр. Өрүүнэ диэн балта соҕотох кыыс оҕоломмут. Онтон бу кыыстан 12
оҕо кэлбит. Ол оҕолоро улаатан ууһаан, Таатта улууһунан тарҕанан барбыттар. Эһэм
бииргэ төрөөбүттэрин сыдьааннарын кытары барыбытын Чооруостар диэн ааттыыллара.
Ийэбит аҕатын өттүнэн төрүттэрбит уһун үйэлээх дьонунан биллэллэрэ. Татьяна Паповна
бэйэтэ 96 сааһыгар бу дойдуттан бараахтаабыта. Ийэм бииргэ төрөөбүттэрэ эмиэ бары
лаппа сорсуйан, оҕо-уруу бөҕөнү төрөтөн, Чооруостары эбии тэнитэн, алаас аайы
тарҕанан, унаар буруо таһаарбыттар. Кэлин кинигэ оҥорорбутугар аахпыппыт: ийэм
бииргэ төрөөбүттэриттэн барыларын холбоон – икки сүүстэн тахса киһи баар эбиппит. Бу
дьон Россия араас муннуктарынан тарҕанан, үгүспүт дойдубутугар Саха сиригэр, аҕам
эппитинии, «Тиит төрдүн аайы – чооруостар» буолан олордохпут. Онтон ийэм ийэтин,
эбэм өттүнэн төрүттэрбитигэр поляктар бааллар диэн кэпсииллэрэ. Ийэм эһэтэ – Лөчүөк
(православнай таҥара дьиэтигэр псалтырь ааҕар, өлбүтү, төрөөбүтү бэлиэтиир үлэһит)
эбит. Эбэбин мин биир кэм тугу эрэ үлэлии-хамсыы сылдьарын өйдүүбүн.

