Page 132 - Элэс Боотур Бүөтүр Оҕотоойоп
P. 132
116 П. В. ОГОТОЕВ
Кыргыс киһитэ буол!
Оп-томноох
Олоҕу олорума,
Оттоох орон н о утуйума,
Хотун ойоҕу хоонньоһума,
Төрөтөр оҕону төлкөлөөмө,
Иитэр сүөһүнү күрүөлээмэ,
Өлүөххэр диэри
3880 Өлөрсө сырыт», — диэт,
Туу-туһах булдун
Сии үөрэммит
Хара суор
Халлаан сырдыыта
Хааҕыргыы көтөрүн курдук,
Кини баран иһэр сирин диэки
Халаахтыы көтө турда...
Кылааннаах-уһуктаах
Кыыс Ньургун бухатыыр
3890 Күлүмнүүр Күн кыыһа
Күөгэлдьин удаҕаны,
Ыраах да буоллар,
Ыҥыра охсон,
Үрүҥ илгэни иһэн,
Үтүөрэ охсон,
Үөрэн-көтөн
Өрүһүйбүт үтүөлээх киһитигэр
Махтана-манньыйа турда.
Кыыс Ньургун
«Эһэ Хара аттаах
3900 Элэс Боотур
Тойон убайым,
Тус бэйэҕэр
Тоҥ күөҥҥэр
Тоноҕостоох бэйэм тоҥхолдьуйан
Дорообо буоллун!
Эн бэйэлээх
Суон модун сураххар

